Нуучча географическай уопсастыбата «Север рядом.Якутскими тропами» диэн пресс-кэмпириэнсийэҕэ ыҥырар. Экспедиция салайааччыта, быыһааччылар Арассыыйатааҕы сойуустарын эрэгийиэннээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Николай Находкин уонна хамаанда чилиэннэрэ Дьокуускай-Батамай-Сиэгэн Күөл- Сэбээн Күөл- Эндыбал- Дьааҥы (Баатаҕай Алыыта)- Дьарҕаалаах- Өргөннөөх- Дьарҕаалаах- Сэбээн Күөл- Дьокуускай хайысхаларынан вездеход массыыналарынан айан түмүгүн иһитиннэриэхтэрэ.
«Нуучча географическай уопсастыбата оҥорор үлэтэ улахан суолталаах. Төрөөбүт дойдуну, биһиги Арассыыйабытын үөрэтииттэн төрөөбүт дойдуга таптал уонна үүнэр көлүөнэни иитии саҕаланар. Бары бырайыактар интэриэһинэйдэр, бары научнай төрүттээхтэр», — диэн Ил Дархан, РГО Саха сиринээҕи салаатын попечительскэй сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Айсен Николаев эрдэ бэлиэтээн турар.
Пресс-кэмпириэнсийэ кулун тутар 10 күнүгэр күнүс 13 чаас 30 мүнүүтэҕэ Ленин уулуссатын 1 №-дээх дьиэтигэр (IT park Yakutsk) 608 аудиторияҕа буолар.
Пресс-кэмпириэнсийэ кэнниттэн 202 микрооройуон пляһыгар баҕалаахтар экспедиция «Бурлак» диэн тырааныспарынан хатааһылыахтарын сөп.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…