Бурматов саҥа сокуону бэлэмнии сылдьар
Госдуумаҕа кыылларга кырыктаах сыһыан иһин ыстарааптыыр туһунан сокуон барылын оҥоро сылдьаллар. Сокуон барылын көҕүлээччитэ — Госдуума экологияҕа, айылҕа ресурсатыгар, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Владимир Бурматов.
Бу сокуон олоххо киирдэҕинэ, кыылларга кырыктаах сыһыаҥҥа ыҥырбыт дьону 5-30 тыһыынча солкуобайга ыстарааптыахтара эбэтэр 15 хонукка диэри хаайыахтара. Дуоһунастаах дьон, тэрилтэлэр 10-100 тыһыынча солкуобайга ыстарааптаныахтарын сөп диэн «Парламентская газета» суруйар.
Оттон кыылларга кырыктаах сыһыаҥҥа ыҥырар матырыйааллары (хаартыска, видео, интэриниэт, бэчээт) оҥоруу, тарҕатыы иһин 20 тыһыынча солкуобайга диэри, дуоһунастаах дьон 25 тыһыынча солкуобайга диэри, урбаанньыттар — 50 тыһыынча солкуобайга диэри, тэрилтэлэр — 100 тыһыынча солкуобайга диэри ыстарааптыахтарын сөп.
Онон, холобур, «ыттар оҕону ытырбыттар, утутан кэбиһиҥ!» диэн суруйбут, тарҕаппыт киһи ыстарааптанар буолан тахсар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: