Бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана сыл ахсын элбиир. Күһүн, саас ииримтийэн туран, дьоҥҥо саба түһэн дьиксиннэрэр сонуннар социальнай ситимнэринэн тарҕана тураллар. Ааспыт нэдиэлэҕэ Нерюнгри оройуонун Чульман бөһүөлэгэр 12 саастаах оҕоҕо дьэллик ыт үөрэ саба түһэн, кыыс ылбыт эчэйиилэриттэн сырдык тыына быстыбыта.
Дьулаан түбэлтэ кэннэ бэйдиэ сылдьар ыттартан эмсэҕэлээбиттэр бэйэлэрин эрэ туһугар буолбакка, оҕолорун, аҕам саастаах дьоннорун сэргэлэрин туһугар долгуйан, куттанан, «Бурматов сокуонун» уларытары күүскэ туруорсан эрэллэр. Тоҕо «Бурматов сокуона» киһи быраабын көмүскээбэтий?
Бэлиэтээн этэр буоллахха, биэс сыл анараа өттүгэр Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Владимир Бурматов көҕүлээһининэн, «Кыылларга эппиэтинэстээх сыһыан туһунан» сокуон олоххо киирэн, бэйдиэ сылдьар кыыллары, чуолаан ыттары, куоскалары өлөрөр бобуллубута. Сокуон хараҕынан бэйдиэ сылдьар кыыл туһааннаах тэрилтэ үлэһиттэринэн тутуллуохтаах, стерилизацияланыахтаах, кулгааҕар чип кэтэрдиллиэхтээх уонна сылдьыбыт сиригэр төттөрү ыытыллыахтаах. Оттон улаханнык кырыгырбыт ыттары төттөрү ыытар сатаммат. Кинилэргэ анаан бүддьүөт суотугар тутуллубут приюттарга ииттиллиэхтээх. Тустаах окуон ирдэбилэ кытаанах. Ол курдук, бэйдиэ сылдьар ыты дьаатынан, ытан өлөрүү иһин үс сылга көҥүлүн быһар холуобунай эппиэтинэс көрүллэр.
Федеральнай сокуону дойду үрдүнэн үгүс эрэгийиэн кириитикэлиир, сөбүлээбэт. Күн ахсын оҕолорбут, аҕам саастаах дьоммут кэлэр-барар, дьаарбайар уулуссаларынан кутталлаах ыттар үөрдээн сылдьаллара син биир баар, ардыгар киһиэхэ улахан эчэйиини таһаараллар, ону кытта киһи өлүүлээх түбэлтэлэр тохтообокко тахса тураллар. Сокуон үлэлээбэт төрүөтэ тугуй?
Билигин ыты көрүүнэн-истиинэн сакаас быһыытынан тустаах тэрилтэлэр дьарыктаналлар. Ол эрээри үгүс эрэгийиэннэр сокуоҥҥа уларыйыы киирэрин туруорсаллар. Туһааннаах тэрилтэлэр, ону кытта муниципалитеттар сүктэриллибит ирдэбили кэһэллэр. Сорох түгэннэргэ эбэһээтэлистибэлэрин олох да толорботтор эбит.
Саха сиригэр тустаах сокуону үөрэппиттэрэ, ырыппыттара ыраатта. Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр 14 муниципальнай, чааһынай приюттар уонна хаһаайына суох ыттары (кыыллары) быстах кэмҥэ тутар 10 пуун үлэлиир. Былырыын Саха сиригэр ыт киһини ытырбыт 828 түбэлтэтэ тахсыбыт. Приюкка барыта 5048 хаһаайына суох ыт тутуллан киирбит, мантан «тутан ылыы — стерилизация — вакцинация — төттөрү ыытыы» ньыманан сылдьыбыт сирдэринэн 1730 ыты төттөрү бэйдиэ ыыппыттар. Маннык быһыы-майгы нэһилиэнньэ ортотугар улахан тыҥааһыны таһаарара чахчы.
Аны үп-харчы өттүнэн көрдөххө, бу сыалы ситиһэргэ 2020 сылга 60,6 мөл. солк., 2023 сылга улуустарынан 94 мөл. солк. тахса суума былааннаммытыттан 96% ороскуоттаммыт. Итинэн сибээстээн Ил Түмэҥҥэ норуот дьокутааттара приюттарга уонна пууннарга 30 хонук кэннэ хаһаайына көстүбэтэх ыттары (кыыллары) өлөрүү уонна дьаһайыы эбии боломуочуйаларын сүктэрэргэ сокуон ылыммыттара. Бу сокуонунан уулуссаҕа тутуллубут ыты приюкка ый устата хаһаайына көстүөр диэри иитэн туруораллар, ол кэннэ 31‑с хонугар хаһаайына көстүбэтэх кыылы өлөрөллөр. Ол эрээри кыыллары көмүскээччилэр үҥсүүлэринэн Конституционнай суут Ил Түмэн ылыммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуонун үөрэтэр. Кинилэр быһаарыыларынан, сокуон сорох нуормалара федеральнай сокуон ирдэбиллэрин утарар, онон Үрдүкү суут көрүүтүгэр сытар. Бүтэһиктээх быһаарыы билигин да ылылла илик.
Чульмаҥҥа буолбут ыттар кыыска саба түһүүлэрин туһунан иһитиннэрии социальнай ситимнэринэн тарҕанаат нэһилиэнньэни аймаан, буруйдааҕы көрдүүр, тустаах эппиэтинэскэ тардар санааҕа тиэртэ. Сорох дьон «Бурматов сокуонун», атыттар көҥүл бэйдиэ ыыппыт ыттар хаһаайыттарын, ардыгар олохтоох дьаһалта сөптөөх үлэни ыыппатаҕын кытта буруйдууллар. Оччотугар бу түбэлтэҕэ ким буруйдааҕый?
Маннык балаһыанньаҕа Чульман бөһүөлэгин олохтоохторо оҕолорун бэйдиэ сылдьар ыттартан көмүскүүрү туруорсаллар. Олохтоохтор кэпсииллэринэн, ыттар оскуолаҕа баран иһэр оҕолорго эрэ буолбакка, улахан дьоҥҥо кытта саба түһэр түбэлтэлэрэ эмиэ тахсар. Аны туран, аһыныгас аҕам саастаах дьахталлар бэйдиэ сылдьар ыттары аһаталлара баар балаһыанньаны өссө уустугурдар.
Ыттар бары адьырҕа кыылларга киирсэллэр. Сытыы аһыылаах кыыл айылҕатын ирдэбилинэн ытырар. Ыт хаһаайына хаҕыстык сыһыаннаһар түгэнигэр ытырыык, киһини истибэт буолар. Бу түгэҥҥэ хаһаайын буруйдаах. Оттон чиптээх, кулгааҕар анал бэлиэлээх ыты сокуон нуорматынан иккиһин тутан приюкка илдьэр бобуллар. Ити курдук, Саха сирин тыйыс тымныытыгар ыттарбыт төттөрү уулуссаҕа ыытыллан, үөрдэһэн уонна аччык буолан өссө эбии кырыктаналлар. Онон сокуон киһи быраабын көмүскүөн оннугар, кутталынан суоһуур. Ити курдук, боппуруос быһаарыллыбакка өссө сытыырхайар, ону кытта дьулаан быһыы тахсара хатылана турар.
Сыл ахсын Арассыыйа үрдүнэн үөр ыттартан эмсэҕэлээбит, ону кытта суорума суолламмыт дьон ахсаана элбии турар. Ыты көмүскүүр сокуону уларытарга, дьону көмүскүүрү ситиһэргэ нэһилиэнньэ туруорсара оруннаах. кэрээниттэн тахсыбыт ыт дьон-сэргэ холку олоҕун уйгуурдан, аймалҕаны таһаарыа суохтаах.
Александр Кошуков, норуот дьокутаата:
— Билиҥҥи сокуон нэһилиэнньэни көмүскээбэт, төттөрүтүн ыттары араҥаччылыыр. Кэлиҥҥи кэмҥэ уулуссаларга бэйдиэ сылдьар ыттартан дьон-сэргэ эрэйдэнэр, сорох дьон уйулҕа өттүнэн араас охсууну ылаллар, оттон муниципалитеттар сокуон ирдэбилин биллэр төрүөтүнэн толорбокко буруйданаллар.
Чульмаҥҥа уонна да атын нэһилиэктэргэ тахсыталыыр дьулаан түгэннэр сокуон ситэтэ суох оҥоһуллубутун ырылыччы көрдөрөллөр. Биһиги федеральнай таһымҥа «Бурматов сокуонун» уларытарга Судаарыстыбаннай Дуумаҕа көҕүлээһини киллэриэхпит.
Александр Атласов, норуот дьокутаата:
— Саха сирэ Арассыыйа субъектарыттан биир бастакынан туһааннаах сокуоҥҥа уларытыылары киллэриини оҥорбута уонна ылыммыта. Быстах кэмҥэ ыттары пууҥҥа тутар туһунан нуорманы уларыппыта. 30 хонук кэннэ хаһаайына көстүбэтэх ыттары (кыыллары) өлөрүү балаһыанньата киирбитэ. Сокуон от ыйын 11 күнүгэр күүһүгэр киирбитэ. Ол эрэн, уопсастыбанньыктар туруорсууларынан Үрдүкү суукка сокуон сорох балаһыанньаларын уларытар туһунан көрдөһүү сайабылыанньа киирбитэ. Онон Ил Түмэн бу хайыскаҕа үлэтин салҕыа.
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…