Степан Бурнашев уонна Дмитрий Давыдов пандемия кэмигэр устубут “Ыт” диэн ааттаах киинэ альманахтара көрөөччүлэри уонна киинэ кириитиктэрин үрдүк биһирэбиллэрин ылбыта.
Бу күннэргэ Амматтан төрүттээх режиссердар киинэ хомуурунньугун салгыыр кылгас устуоруйалары устууну саҕалаатылар. Иккис альманах бастакы айымньыны кытта аатынан дьүөрэлэһэр — “Эт” диэн буолар. Бастакы хомуурунньукка дэриэбинэ олоҕуттан көстүүлэри хоһуйар кэпсээннэр киирбиттэрэ, бу сырыыга ити курдук кылгас устуоруйалар Дьокуускайга уһуллуохтара.
Кылгас аат эмиэ икки суолтаны таайтарар. Өскөтүн “Ыт” нууччалыы “стреляй” уонна “собака” диэн суолталаах эбит буоллаҕына, саҥа хомуурунньук аата “Эт” — “мясо” уонна “скажи” диэн өйдөбүллэри түмэр омоним.
Бу уус-уран айымньыны «Сайдам Барыл» уонна «СОЛЛАКС» киинэ хампаанньалар, Wink Originals стриминговай сервиһи кытта бииргэ кыттыһан усталлар. Саха киинэтигэр стриминговай сервиһи кытта эрдэттэн үлэлэһии бастакы холобура. Киинэ үбүлээһинигэр Синет СПАРК Саха сиригэр киинэни өйүүр сыаллаах тэриллибит хампаанньа кыттыбыта.
Давыдов даҕаны, Бурнашев даҕаны түргэн туттуулаах режиссердар быһыытынан биллэллэр. Онон бу киинэни быйыл көрөрбүт буолуо.
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…
"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…
Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…
Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…
“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…
Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…