Хаартыска Горнай улууһунааҕы ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ
Саха сиригэр ойуурга уот туруутун бохсууга үлэ эрдэттэн саҕаланар. Ол курдук, нэһилиэнньэ ортотугар өйдөтөр-сэрэтэр үлэни ыытыы хаһааҥҥытааҕар да күүһүрдэ. Онон Саха сиригэр ойуурга баһаар туруутугар буруйдаах киһини булууга көмөлөспүккэ харчынан төлүөхтэрэ.
Өрөспүүбүлүкэ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, тыаҕа баһаар туруутугар буруйдаах киһи туһунан дьиҥнээх иһитиннэриини быраабы араҥаччылыыр эбэтэр хонтуруоллуур-кэтээн көрөр уорганнарга биллэрбит киһиэхэ 10 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх төлөбүрү биэриэхтэрэ.
Быһата, ойуурга тахсыбыт хас баһаар ахсын уонна буруйдаах киһи билиннэҕинэ төлүүллэр. Маныаха ойуурга буолбут биир баһаарга хас да киһи буруйдаах буоллаҕына, муҥутуур төлөбүр 50 тыһыынча солкуобайтан ордубат.
Ону тэҥэ тустаах министиэристибэ этэринэн, уот туруутугар тустаах киһи буруйа бигэргэннэҕинэ, харчынан төлөбүр оҥоһуллар. СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ төлүүр.
Таһырдьа итийдэ, онон ойуурга сылдьаргытыгар сэрэхтээх буолуу быраабылатын тутуһуҥ!
Арассыыйа олохтоохторо 2026 сылга мунньуллар биэнсийэлэриттэн 440 тыһыынча солкуобайы биир кэмнээхтик ылыахтарын сөп диэн РИА…
Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһин пленарнай мунньаҕын улуустартан уонна нэһилиэктэртэн кэлбит…
Киин куоракка икки күн устата өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ үгүс дьокутааты…
Ил Дархан туһаайан этиитигэр дьоҕус урбааны өйүүр боппуруоска болҕомтотун ууруо диэн, норуот дьокутаата, Ил Түмэн…
“Илии сылааһа” сыах (сал. Саввина И.Е.) филиала Куокуйдааҕы “Надежда” холбоһук (сал. Еремеева Т.У.) бу сылга…
Дьокуускайдааҕы полиция 1-кы №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар кини аатыгар сокуоннайа суохтук 145 тыһ.солк.…