Буруйдааҕы буллулар, массыынаны хаһаайыныгар төннөрдүлэр
26.09.2024, 14:15
Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА
Бөлөххө киир:
Үөһээ Бүлүү улууһугар полиция дьуһуурунай чааһыгар олохтоох киһи «Тойота» массыынатын илдьэ барбыттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут.
Суһал-ирдиир үлэ ыытыллыбытын түмүгэр, бу 38 саастаах, хаста да сууттана сылдьыбыт киһи буолара быһаарыллыбыт.
Ол курдук, эмсэҕэлээччи массыынатын дьиэтин таһыгар хаалларбыт. Күлүүһүн ылбатах, аанын хатыырын умнубут. Онон туһанан бу киһи массыынаны ылан барбыт. Хатааһылаан баран көлөнү суолга хаалларбыт уонна саһан хаалбыт. Полиция үлэһиттэрэ массыынаны хаһаайыныгар төннөрбүттэр.
Буруйдаахха РФ ХК 166 ыст. 1 ч. («Неправомерное завладение автомобилем без цели хищения») холуобунай дьыала тэриллибит.
СӨ ИДьМ пресс-сулууспата
+1
1
+1
+1
+1
+1
3
+1
2
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: