Буруйу оҥорооччу сим-каартаны суох гынан суолбун кистээтим дии санаабыт
ИДьМ Хаҥалас улууһунааҕы салаатыгар олохтоох киһи сайабылыанньалаах кэлбит. Бу киһиттэн сим-каартата уонна счетуттан 28 000 солк. харчыта сүппүт.
Суһал холуобунай көрдөөччүлэр уорбаланар дьону сыымайдаан көрбүттэр. Сүтүк тахсыан иннинээҕи күн эмсэҕэлээччи доҕотторун кытта көрсүбүт эбит, онон буруйу оҥорооччуну быһааран таһаарбыттар. Бу 22 саастаах, эмсэҕэлээччи билэр киһитэ эбит.
Эдэр киһи уорбут сим-каартатын унитазка ыытан буруйу оҥоруу суолун кистээтим дии санаабыт. Хас биирдии оҥоһуллубут операция туһунан иһитиннэрии хаалан иһэрин итиэннэ гаджекка барытыгар туспа IMEI баарын, арааһа, сабаҕалаабатах быһыылаах.
Эдэр дьон көрсүһүүтүн кэмигэр кини эмсэҕэлээччи төлөпүөнүн илдьэ ваннаҕа киирбит, төлөпүөнтэн сим-каартатын орообут, онтон гаджетын миэстэтигэр уурбут. Дьиэтигэр кэлэн баран билэр киһитин сим-каартатын туһанан кини счетугар баар харчынан биткоин атыыласпыт.
Тустаах түгэнинэн РФ Холуобунай Кодекс 158-с ыстатыйатын 3-с чааһынан (“Уоруу”) холуобунай дьыала тэриллибит. Бу туһунан СӨ ИДЬМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: