Буруйу оҥоруу 7 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ
15.02.2024, 09:29
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:
СӨ Борокуратуурата иһитиннэрбитинэн, ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 7 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ.
Ол иһигэр Үөһээ Бүлүү улууһугар 1956 сыллаах төрүөх киһини өлөрдүлэр. Уорбаланааччы ким буолара билиннэ. Нам улууһугар 1976 сыллаах төрүөх киһини эчэттилэр.
Түөкүннээһин түбэлтэлэрэ эмиэ күннэтэ тахса тураллар. Ол курдук, Дьокуускай куоракка биир дьахтартан түөкүннээн 540 тыһ. солк. уордулар.
Мииринэйгэ массыынаны күрэтэн бардылар.
+1
+1
+1
+1
+1
4
+1
1
+1
4
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: