Буруйу оҥоруу  9340 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Буруйу оҥоруу  9340 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааптар:
16.09.2025, 16:30
Хаартыска: СӨ Борокуратуурата
Бөлөххө киир:
Өрөспүүбүлүкэҕэ 2025 сыл, аҕыс ыйдааҕы түмүгүнэн, буруйу оҥоруу  9340 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ.   14 куораттарга уонна оройуоннарга буруйу оҥоруу элбээбитин туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.

Уопсай көрдөрүүттэн 47  бырыһыанын Дьокуускай куорат ылар, ол эбэтэр  4362  түбэлтэ бэлиэтэммит.

Аҕыс ый иһигэр  59  өлөрүү, киһи доруобуйатыгар ыар эчэтиини оҥоруу түмүгэр киһи өлүүлээх  29  түбэлтэ тахсыбыт.

Буруйу оҥоруу улахан аҥаарын кэриэтэ  (41,3%) бас билии баайын-дуолун кытта сибээстээх –3857.  1508 — уоруу,  ону таһынан 58  халааһын, 4 халабырдьыттааһын,  1965 түөкүннээһин,  109 күрэтэн барыы бэлиэтэммит.

Аныгы технологияларынан уонна көмпүүтэр иһитиннэриилэрин туһанан 3673 буруйу оҥоруу тахсан, ол түмүгэр 1166 киһи эмсэҕэлээбит, 555 мөл. солк. суумалаах хоромньу тахсыбыт.

540 — экэниэмикэ, 202 — коррупция хайысхалаах буруйу оҥоруулар бэлиэтэммиттэр.  Наркотигы сокуоннайа суох эргиниигэ 1249  буруйу оҥоруу бэлиэтэммит.

1409 буруйу оҥоруу уопсастыбаннай миэстэлэргэ тахсыбыт, ол иһиттэн уулуссаҕа — 950.

Бары сонуннар
Салгыы
16 сентября
  • 12°C
  • Ощущается: 11°Влажность: 50% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: