Буруоттан хайдах харыстанабыт?

Share

Айылҕа баһаарыттан салгыҥҥа углекислай уонна угаардаах гаас, азот окиһа быраҕыллар.  Ону нэһилиэнньэлээх пууннарга тыал аҕалар.

Ол иһин, Саха сирин Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ буруоттан харыстанарга маннык сүбэлиир:

— Төһө кыалларынан, таһырдьа аҕыйахтык сылдьыҥ, улахан наадаҕыт суох буоллаҕына, дьиэттэн тахсымаҥ;

—  Тахсаргыт хайаан да наада буоллаҕына, буруо кыратык да намтыыр кэмигэр эрэ сылдьыҥ;

—  Таһырдьа тахсаргытыгар анал мааската кэтиҥ, 5 хаттыгастаах  мааска ордук барсар, ону сиигирдэ сылдьыҥ;

— Массыына ыытааччылар ордук сэрэхтээх буолуҥ: буруоҕа суол-иис үчүгэйдик көстүбэт, маннык кэмҥэ киһи туттара-хаптара бытаарарын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалыан сөп;

— Дьиэҕитигэр саатар түүн уонна сарсыарда эрдэ түннүктэри ыгыччы сабыҥ;

— Түннүктэргэ инчэҕэй бырастыыналары ыйааҥ, элбэхтик уута иһиҥ, дьиэҕит малларын сииктээх тирээпкэнэн сото сылдьыҥ, дуустаныҥ;

— Төһө кыалларынан, табахтыыргытын аҕыйатыҥ;

— Эти-сиини хамсатар эрчиллиилэргэ күүскүтүн-уоххутун аһара биэримэҥ;

— Буруо күүһүрэр кэмигэр кондиционертартан сэрэниҥ. Салгыны таһыттан оборор кондиционердары анал фильтрдаах эрэ буоллахтарына туһаныҥ.

Кырдьаҕас дьон, тыынар уорганнара, сүрэх-тымыр ыарыылаахтар, уойар, саахарынай диабеттаах дьон сэрэхтээх  буолуҥ. Ону сэргэ оҕолору, чуолаан оскуола иннинээҕи саастаах кырачааннары, харыстааҥ. Кыаллар буоллаҕына, кинилэри куорат таһыгар буруота суох сиргэ, даачаҕа илдьиҥ.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

4 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

30 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

2 часа ago