Бурятия 100 сыла: Муусука — норуоттары сомоҕолуур күүс

Бурятия 100 сыла: Муусука — норуоттары сомоҕолуур күүс

Ааптар:
22.03.2023, 14:52
Хаартысканы ааптар тиксэрдэ.
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, Улан-Удэҕэ, РФ искусствотын үтүөлээх деятелэ Дандар Бадлуев салайар Бурятия «Байкал» тыйаатырын оркестра уонна РФ, СӨ култуураларын үтүөлээх үлэһитэ Александр Алексеев салайар С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын оркестрын холбоһуктаах кэнсиэрэ Г.Ц. Цыдынжапов аатынан Опера уонна балет Государственнай Академическай тыйаатырын сыанатыгар үрдүк таһымнаахтык түмүктэннэ.

Кэнсиэр бастакы түһүмэҕэ саха оркестрын уус-уран салайааччыта, кылаабынай дирижера Николай Петров «Бэрт Хара» испэктээк-олоҥхотун сюитатынан саҕаланна. Көрөөччүлэр ураты эйгэҕэ киирэн, салгыы РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа Дмитрий Артемьев алгыһынан арчыланнылар.

Норуот үнүстүрүмүөннэригэр идэтийбит биһиги оркестрбыт саха композитордарын биллиилээх айымньыларын оонньоон улахан биһирэбили ылла. Муусуканы таптааччылар ордук А.Моргусов «Оленьи скачки», А. Самойлов «Уруу» испэктээгиттэн сюитаны, М. Жирков «Сыгый Кырынаастыыр» оператыттан увертюраны, В. Ксенофонтов «Бохсоруйуу» этнобалетыттан дьүһүйүүнү долгуйа иһиттилэр.

Дмитрий Артемьев «Бохсоруйууттан» «Эттэтии»сыанатыгар ойуун киэбин ылыммыт мөссүөнэ көрөөччү уйулҕатын таарыйда.

Хаартысканы ааптар тиксэрдэ.

Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар лауреата Владимир Боярскай И. Романов муусукатыгар А.Томскай оркестрга анаан таҥан оҥоруутугар «Күрүлэс күргүөм күннэргэ» байааҥҥа чаҕылхай оонньуутун көрөөччүлэр улаханнык астыннылар. СӨ норуодунай артыыһа Григорий Петров В.Ноев «Күөрэгэйдиин көрсүһүү», С.Омоллоон аатынан Опера уонна Балет Государственнай тыйаатырын солистката Екатерина Захарова К. Герасимов «Сардаана сибэкким» ырыаларынан хас биирдии көрөөччүгэ дууһа уран иэйиитин сахтылар. Көрөөччүлэр солист-импровизатор Руслан Габышев кыл ох сааҕа дьүһүйүүтүн иһийэн олорон сэргээн, саха норуота төрүт дорҕоону айан таһаарар бу ураты үнүстүрүмүөнүн сөҕө-махтайа ылыннылар.

Хаартысканы ааптар тиксэрдэ.

Хомуска төрүт сахалыы матыыбы иэйиилээхтик оонньообут СӨ үтүөлээх артыыһа Афанасий Томскайы, СӨ үтүөлээх артыыһа Анна Томская салайар «Кыл Саха» бөлөҕө В.Зырянов «Оһуор туос» испэктээгиттэн сюитатын саала дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллаата.

Кэнсиэр иккис түһүмэҕэр Бурятия аатырбыт «Байкал» үҥкүү тыйаатырын национальнай оркестрын кылаабынай дирижера, Бурятия искусствотын үтүөлээх деятелэ Жаргал Токтоноп уонна саха идэтийбит оркестра РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Николай Петров салайыыларынан бурят, саха норуоттарын композитордарын айымньыларын үрдүк таһымнаахтык толоруулара — улахан түһүлгэ муҥутуур чыпчаалынан буолла!

Ол курдук, И. Гоголев тылыгар, Г. Григорян муусукатыгар «Сахам сирэ барахсан» ырыаны Бурятия национальнай оркестрын доҕуһуолугар Ч. Санжимитупов дьоһун толоруута саалаҕа ураты тыыны олохтоото. Бурятия оркестрын доҕуһуолугар Екатерина Захарова В.Ноев «Сааскы кэм барахсан» ырыатынан муусука искусствотын улахан уораҕайын дьикти иэйиинэн толордо. Григорий Петров саха оркестрын доҕуһуолунан бурят композитора С. Манжигеев «Шамханда» ырыатын бурят тылынан өрө көтөҕүллүүлээхтик толоруута бу дьоро киэһэ чаҕылхай түгэнинэн буолла! Түмүккэ, Бурятия уонна Саха сирин идэтийбит оркестрдара Г. Комраков «Праздник оленеводов» айымньытын холбоһон, биир тэтимҥэ, биир тыыҥҥа айымньылаахтык оонньоон, дэгиттэр сатабылларын, үрдүк маастырыстыбаларын арылхайдык итэҕэттилэр!

Хаартысканы ааптар тиксэрдэ.

Бу курдук икки национальнай өрөспүүбүлүкэлэр доҕордуу сыһыаннара муусука, култуура, искусство нөҥүө бөҕөргүүрүгэр бигэ далаһа уурулунна, айымньылаах аартык арылынна.
Ураты талааннаах дирижер Николай Петров салайар саха оркестра Бурятияҕа айымньылаах сырыыта — муусука барахсан, киһи омугуттан, сааһыттан, идэтиттэн, ханнык сиргэ-дойдуга олороруттан тутулуга суох, хас биирдиибитигэр дууһа уран утахтарын уһугуннарар ураты иэйии, норуоттары сомоҕолуур сүдү күүс буоларын арылхайдык мэктиэлээтэ.
Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин 100, Саха сирин норуот үнүстүрүмүөннэригэр идэтийбит оркестра 30 сылыгар туһуламмыт алгыстаах айан Арассыыйа норуоттара ил эйэ, сайдыы, искусство тула түмсүүлэрин бигэргэттэ!

Альбина Тарабукина, Улан-Удэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: