Салгыы
Бурятияҕа бэйдиэ сылдьар ыттары «утутуохтара». Оттон биһиэхэ?

Бурятияҕа бэйдиэ сылдьар ыттары «утутуохтара». Оттон биһиэхэ?

23.11.2023, 11:26
Ульяна Захарова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Кыстыкка киирии кыһалҕата саха дьонугар-сэргэтигэр урут хаһаайыстыба, хотон, оттук кыһалҕатын тула эбит буоллаҕына, билигин бэйдиэ сылдьар ыт тула сытыытык эргийэр. Бу кыһалҕа Дьокуускайга эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар сытыытык турар.

Дьону сүгүн хаамтарбат буоллулар

Былырыын саас Абый улууһун Белай Гора бөһүөлэгэр бэйдиэ сылдьар ыттар бастакы кылаас оҕолорун “төгүрүйбүттэригэр”, хата, учууталлара баар буолан суумкатынан көмүскэнэн, оҕолору быыһаабытын туһунан суруйан турабыт. Таатта улууһун хас даҕаны нэһилиэгэр бэйдиэ сылдьар ыттартан сылтаан оҕолор да, улахан да дьон оскуолаҕа, үлэҕэ баралларыгар эрэйи көрбүттэрин туһунан өрүү ааҕабын. «Баайыҥ, сүгүн хаамтарбат буоллулар…” диэн суруйаллар. Дьокуускай таһынааҕы Жатай бөһүөлэгэр ыт саба түһүүлээх быһылааннар өрүү тахсаллар. Аныгы сайдыылаах үйэҕэ ыттан куттанан хаайтаран олорор кыһалҕа баара сиэргэ баппат. 498 №-дээх «Кыылга эппиэтинэстээх уонна амарах сыһыан» туһунан со­­куон хараҕынан бэйдиэ сылдьар ыты аттаан, чииптээн баран көҥүл ыытыы өрүү кутталынан суоһуур. Бу сокуон үлэлиэҕиттэн дьон эмсэҕэлээһиннээх, өлүүлээх иэдээннэр Арассыыйа эрэгийиэннэригэр тахса тураллар.

Бурятияҕа хонтуруол күүһүрэр

Бу күннэргэ Бурятия Өрөспүү­бүлүкэтин Норуодунай Хурала бэйдиэ сылдьар ыттары утутар туһунан со­­куон барылын ылынна. Ону нэһилиэнньэ үгүс өттө сэргии иһиттэ.  Ол курдук, ыйтан ордук су­­даарыстыба суотугар приюкка иитиллэн турар ыттары «утутары» көҥүллээбиттэр. Сэтинньи 16 күнүгэр Бурятия Норуодунай Хурала сокуон бырайыагын өйөөбүт. Тустаах со­­куоҥҥа этиллэринэн,  бэйдиэ сылдьар ыты эмтэммэт ыарыыттан, эт-сиин өттүнэн эрэйи көрүүттэн босхолуур. Мин санаабар, бу сөптөөх быһаарыныы.  Араас ыарыылаах бэйдиэ сылдьар ыт уопсастыбаҕа  улахан сэрэхтээҕэ чуол­кай суол.

Бурятия былааһа эрэгийиэн суотугар босхо аһаан-сиэн турар туһата суох бэйдиэ ыттары ыйтан ордук иитиини ороскуоттааҕынан ааҕар. Онон ый устата хаһаайынын булбатах ыттары «утутары» оруннаах диир. Сокуон бырайыагар быһаарылларынан, 2023 сылга бэйдиэ сылдьар ыт 10%-на эрэ хаһаайыттарын булбут. Бурятия ыты иитэр приютугар 3554 ыт турар.

Бу саҥа сокуон ирдэбиллэрин кыылга амарах сыһыаннаһыы буолар диэн быһаараллар. Тоҕо диэтэххэ, хаһаайына суох ыт ас көрдөөн, аччыктаан, тоҥон-хатан, ыалдьан өссө элбэх эрэйи көрсөр. Бурятия Норуодунай Хуралын сир боппуруоһугар, аграрнай бэлиитикэҕэ кэми­тиэтин бэрэссэдээтэлэ Семен Матхеев иһитиннэрбитинэн, бэйдиэ сылдьар ыт быстах кэмҥэ пууҥҥа аҕалыллар, ый устата хаһаайына көрдөнүллэр. Өскөтүн, тутуллубут ыт чииптээх уонна жетоннаах буоллаҕына, үс күн устата пууҥҥа туталлар уонна икки ый устата приюкка ыытыллар.

Оттон биһиэхэ хайдаҕый?

Биһиэхэ, Саха сиригэр, ыты быстах кэмҥэ тутар «Помоги выжить» пуун үлэлиир. Билиҥҥи туругунан, манна 1300 кэриҥэ ыт баар. Нэдиэлэ ахсын 8-9-туу ыты тутан аҕалаллар. 498 №-дээх «Кыылга эппиэтинэстээх уонна амарах сыһыан” туһунан сокуону миэстэтигэр толоруу төһө да уустугун иһин, сокуон тутуһуллар. Оттон быраабыла быһыытынан, ыты оҕо былаһааккаларын, оскуола, уһу­йаан таһыгар күүлэйдэтэр бобулларын уонна кэнниттэн бакыаттаах сылдьан хомуйуллуохтааҕын туһунан быраабыла төрүт тутуһуллубат. Ыттар тымныыттан үөрдүһэллэр уонна адьыр­ҕатыйаллар. Эрэгийиэн иһигэр бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕата аҥаардас пууҥҥа хаайыллыынан быһаарыллыбата биллэр.

Өссө хас киһиэхэ үөрдүһэн саба түһүөхтэрэ биллибэт. Кыһалҕа төрдүттэн быһаарыллыахтаах! Былырыын баччаларга «Помоги выжить» пууҥҥа 700 кэриҥэ ыт баара. Быйыл ити сыыппара икки төгүл улаатта. Туох даҕаны миэрэ ылыллыбатаҕына, ити сыыппара буряттары куоһарар кыахтанар.

Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин Бэтэри­нээрийэҕэ управлениетыгар сибээскэ тахса сырыттым. Онуоха управление салайааччыта Амгалан Дармаев Монголияттан кэлбит дэлэгээссийэни көрсө сылдьар буолан, суох буолан биэрдэ. Онон управление салаатын салайааччытын солбуйааччыта Артур Тарнаев: “Бэйдиэ сылдьар ыты тутан аттааһын, чииптээһин уонна төттөрү көҥүл ыытыы көрдөрүүтэ кыра. Чииптээн дьоҥҥо саба түспэт, үөрүнэн сылдьыбат  оҥорбоккун. Биһиэхэ кэнники сылларга бэйдиэ сылдьар ыттар дьоҥҥо саба түһэн, хас да иэдээннээх быһылаан тахсыбыта. Балаһыанньа өссө сытыырхайыахтааҕын, хата, саҥа сокуон барыла ылыныллан эрэр. Билигин тугу даҕаны этэр кыахпыт суох. Көстөн иһиэҕэ”.

Санаалар

Александр Атласов, СӨ Ил Түмэнин тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээ­тэлэ

– 2020 сыллаахха бэйдиэ сылдьар, хаһаайыннаах ыттары көрүү-хара­йыы боппуруостарын олохтуур федеральнай сокуон олоххо киириэҕиттэн, бэйдиэ сылдьар ыттар дойдубут үгүс муннуктарыгар улахан кыһалҕаны үөскэттилэр. Дьон эчэйиилээх, өлүүлээх иэдээннэр тахсыталаабыттара. Дьиҥэр, со­­куон кыылга эппиэтинэстээх уонна амарах сыһыан туһунан буолар. Сир-халлаан икки ардыгар хаалларбат, кинилэр хайдах тутуллуохтаахтарын сүрүннүүр со­­куон буолар. Бу сокуоҥҥа уларытыылары киллэрээри, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттарыттан, дойду үгүс эрэгийиэннэриттэн элбэх этиилэр, со­­куон барыллара киирэллэр. СӨ Ил Түмэнин тыа сиригэр уонна аграрнай бэлии­тикэҕэ сис кэмитиэтин аатыттан РФ Судаарыстыбаннай Дууматыгар бу боппуруоска оробуочай хамыыһыйа бэ­­рэссэдээтэлэ В.Бурматов аатыгар со­­куоҥҥа уларытыылары киллэрэргэ этии­лэр ыытыллан тураллар. Элбэх туруорсуу түмүгэр Судаарыстыбаннай Дуума от ыйыгар тустаах федеральнай сокуоҥ­ҥа уларытыылары киллэрбитэ. Ол иһигэр Арассыыйа субъектара бэйдиэ сылдьар ыттары көрүүгэ-истиигэ быраап­таахтарын ыйбыта. Бу уларытыыга сөп түбэһиннэрэн, дойду субъектара ити боппуруоска сокуоннарын оҥорууга үлэни саҕалыыр кыахтаммыттара. Билигин бу үлэни сүрүннүүр, хонтуруоллуур өрөспүүбүлүкэ былааһын уорганынан СӨ Бэтэринээрийэҕэ департамена буолар. Онон Бэтэринээрийэ департамена федеральнай сокуоҥҥа киирбит уларытыыларга сөп түбэһиннэрэн, өрөспүүбүлүкэ сокуонун оҥорорго үлэни ыыта сылдьар. Сокуон барыла оҥоһуллан, бары сөбүлэҥи ааһан, СӨ Бырабыыталыстыбатын мунньаҕар көрүллэн Ил Түмэҥҥэ киирдэҕинэ, но­­руот дьокутааттара сокуон барылын көрөн сокуону ылыныыга үлэни ыытыахтара. Ил Түмэн бэйэтин өттүттэн тус­таах сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэргэ сокуон-быраап өттүттэн баар төрүөттэри, холобурдары үөрэтиигэ үлэни ыыта сылдьар.

СӨ Бэтэринээрийэҕэ департаменын пресс-сулууспата:

– Бу ааспыт ыам ыйыгар РФ Судаарыстыбаннай Дуумата эрэги­йиэннэр бэйдиэ сылдьар ыттары бэйэ­лэрэ дьаһайар буолууларын туһунан сокуон бырайыагын ылыммыта. Бурятияҕа бэйдиэ сылдьар ыттары “утутар” туһунан сокуону ылыннылар. Оттон биһиэхэ бу боппуруос өссө да көрүллэ сылдьар. Эрдэ өрөспүүбүлүкэ борокуратуурата федеральнай сокуоҥҥа маннык пууннар суохтарынан, бэйдиэ сылдьар ыттары “утутууну” утарбыта.
498 №-дээх федеральнай сокуонунан бобуллар. Ыт эмтэммэт ыарыыга ыалдьыбыт эрэ буоллаҕына, маны бэтэринээр туоһулаатаҕына эрэ сымнаҕас­тык, ыарыытын билиннэрбэккэ «утутуохха» сөп. Билигин өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи сокуонунан ыты тутуу, аттаа­һын, чииптээһин уонна көҥүл ыытыы бырайыагар уларытыылар киирэн, бу тэрээһиннэр барыта приютка, ол эбэтэр ыты быстах кэмҥэ тутар пууҥҥа оҥоһуллуохтаахтар.

Бары сонуннар
Салгыы
15 июля
  • 15°C
  • Ощущается: 14°Влажность: 80% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: