Бурятияҕа быстах хомуурга сылдьар Саха сирин дьонугар баһыылкалары тиэртилэр
Бурятияҕа быстах хомуурга сылдьар Саха сирин дьонугар туттар тэриллэрин уонна баһыылкалары тиэртилэр.
Бу туһунан Саха сирин уопсастыбаннай палаататын бэрэстэбиитэлэ Георгий Куркутов иһитиннэрдэ. Кини Улан Удэҕэ сылдьар, Саха сирин олохтоохторо ис сүрэхтэриттэн хомуйбут уонна Саха сирин Ил Дарханын сорудаҕынан бырабыыталыстыбанан көрүллүбүт үбүнэн атыылаһыллыбыт баһыылкалары арыаллаата.
Саха сирин баһылыга Айсен Николаев таҥастарыгар-саптарыгар эбии экипировка уонна туттар тэрил биһиги байыастарбытыгар көмөлөһүөҕэ диэбитэ. Санаттахха, баһыылкаларга сулууспаны толорууга сөптөөх барыта баар: итии таҥас, утуйар спальниктар, эмп-томп, атах таҥаһа, үрүсээктэр, банаардар, ис таҥас уонна да атын.
«Биһиги Саха сирин батальонун ВДВ-шниктарыгар байыаннай чааска таһаҕаһы уонна баһыылкалары тиэртибит. Салгыы баһыылкалары биир дойдулаахтарбыт баар атын байыаннай чаастарыгар дивизион батальонугар тиэрдиэхпит«, — диэтэ Георгий Куркутов.
Саха сирин Ил Дарханын уонна Саха сирин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: