С.Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү Национальнай тыйаатырын оркестра бэҕэһээ Улан-Удэ П.Чайковскай аатынан Искусство колледжын кэнсиэртиир саалатыгар «Олонхо дойдутун матыыба» диэн бэртээхэй киэһэни бэлэхтээтэ. Норуот үнүстүрүмүөннэригэр идэтийбит оркестр саха композитордара К.Герасимов, В.Ксенофонтов, Н.Берестов, В.Зырянов айымньыларынан турбут этнобалеттан сюиталары уонна быһа тардыылары толоруута дьикти эйгэни үөскэттэ.
Маны сэргэ Н. Петров, В. Ноенохов саха мелодистарын ырыаларын доҕуһуолун оркестрга анаан оҥорууларынан Е.Захарова, Г.Петров ырыаларын көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар. В.Шарина хомуска дьүһүйүүтэ, А.Кармановтыын чабырҕахтара, Д.Артемьев «Бохсоруйуу» этнобалеттан «Эттэтии» сыаната, Үҥкүү тыйаатырын артыыстара С.Винокурова, Н.Павлов саха уонна бурят норуотун үҥкүүлэрэ, композитор П.Иванова «Үөдэн түгэҕэ» испиктээк-олоҥхоттон Адажиота улахан сэҥээриини ылла.
Ураты биһирэбили Н. Петров «Өрөгөй», Э.Чойдок «Жалам Хар» айымньыларын А.Томская салайар аан дойдутааҕы, Арассыыйатааҕы куонкурустар лауреаттара «Кыл саха» бөлөҕө Искусство колледжын преподавателлэрин, Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар лауреаттарын В.Намдыкованы, Э.Дымбрыловы, В.Ринчинованы кытары бииргэ оонньообут дьүһүүйэлэрэ ылла. Көрөөччүлэр солист-импровизатор Р.Габышев кыл ох сааҕа, А.Томскай хомуска төрүт дорҕоону таһаарар сатабылларын улаханнык сэҥээрдилэр. Кэнсиэр саха оркестра идэтийбит, үрдүк таһымнаах, дэгиттэр айар кэлэктиип буоларын өссө биирдэ туоһулаата.
Үҥкүү тыйаатырын дириэктэрэ А.И.Алексеев бу үтүө түһүлгэни тэрийсибит колледж кэлэктиибигэр махтал суруктары туттарда. Искусство култууратын колледжын дириэктэрэ Б.Б.Турбянов айар кэлэктиип үрдүк таһымнаах маастырыстыбатын бэлиэтээн туран, үтүө баҕа санааны кытары А.И.Алексеевка бурят норуотун хадагын уонна нота түмүллүбүт хомуурунньугун бэлэхтээтэ. Кини инникитин кэлэктииби кытары бииргэ үлэлииргэ саҥа бырайыактары тэрийэргэ болҕомтону туһаайда. Бурятияҕа олорор Саха сириттэн төрүттээх дьон «Сэргэ» түмсүүтэ биир дойдулаахтара төрүт сир сылаас тыынын бэлэхтээбиттэригэр истиҥник махтаннылар.
Дьоро түһүлгэ Д.Артемьев оһуохайынан түмүктэннэ. Күн эргиирин тула сырдык санаа этилиннэ. Биир тэтимҥэ уйдаран муусука, култуура нөҥүө Саха сирэ уонна Бурятия бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэр доҕордоһууларыгар бигэ тирэх уурулунна.
Альбина Тарабукина, Улан-Удэ.
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…