Саха сиригэр кыстыгы этэҥҥэ туоруурбут туһугар хомунаалынай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ күннэри-түүннэри түбүгүрэллэр. Онно үчүгэй хааччыллыы, кэмиттэн кэмигэр үөрэнии, сөптөөх салалта барыта төһүү буолаллар.
Буурҕалаах хоту дойдуга хочуолунай диэн тутаах дьиэ баар. Дьэ, хочуолунай хайдах үлэлиириттэн хоту дойду сылаас, нус-хас олоҕо тутулуктаах. Ыраах Аллайыаха улууһугар Бөрөлөөх нэһилиэгэ улуус кииниттэн Чокуурдаахтан уу суолунан 400 км тахса, туундаранан айаннатахха 160 км тэйиччи сытар. Онон ылбычча киһи тиийбэт сирэ. Манна кыһыҥҥы суол аһылла илигинэ олохтоохтор “буранынан” айанныырга күһэллэллэр, биирдэ эмэ оҕуруот аһын тиэйбит эбэтэр санрейс бөртөлүөтэ кэлиэн сөп. Онон, дьэ, ыраах сиргэ хочуолунай үлэтэ үрдүк эппиэтинэһи ирдиир. Ол иһин манна саамай үлэһит, түргэн-тарҕан, мындыр дьон үлэлииллэр.
Кинилэр кимнээҕий? Бу хаартыскаҕа турар үлэһиттэр бары төрүт олохтоох дьон. Маастарынан бэрт холку көрүҥнээх Валентин Уваровскай (уҥа диэкитэ) үлэлээбитэ уонча сыл буолла, онон хайыы үйэ уопуттаах маастар буола үүннэ. Кини салалтатынан оператордар Игорь Федоров (хаҥаһа), Руслан Протодьяконов (кэннигэр турар), Иван Протодьяконов үлэлииллэр. Кинилэри улуустааҕы филиалга “СӨ ОДьКХ” ГУП-тан кэлэн сөп-сөп үөрэтэн-такайан бараллар. Оператордартан Игорь Дмитриевич үлэлээбитэ ыраатта, онон биир идэлээхтэригэр сүбэ-ама буолар толору кыахтаах.
Дьуһуурунай оператор сарсыарда 9 чаастан киэһэ 9 чааска диэри үлэлиир уонна симиэнэтин этэҥҥэ атын дьуһуурунайга туттарарга кыһанар. Кини үлэтин маастар салайар.
– Оттукпутун саас муус устар ортотугар диэри массыыналар таһан бүтэрэллэр. Онон кыстыкка этэҥҥэ, тэрээһиннээхтик киирэбит. Билиҥҥи туругунан 400 т ньиэп оттуктаахпыт. Биһиги хочуолунайбыт олохтоох оскуоланы, уһуйааны, нэһилиэк дьаһалтатын, кулуубу, ФАП-ы сылааһынан хааччыйар соруктаах. Уопсайа 10 дьиэни, ол иһигэр 2 кэтэх ыалы уонна муниципальнай дьиэлэри хааччыйабыт, – диир маастар Валентин Константинович бэрт эрэллээхтик.
Руслан Александрович уонна Игорь Дмитриевич циркуляционнай носуос набивкатын бэркэ кыһанан-мүһэнэн оҥороллорун көрөҕүт. Хата, хочуолунай иһэ киэҥ-куоҥ буолан абыраабыт, үлэлииргэ үчүгэй эбит.
Үлэһиттэр 2000 сыллаахха тутуллубут хочуолунайдарын куруук үчүгэйдик көрө-истэ сылдьаллар. Манна үлэһиттэргэ аналлаах муннукка ирдэнэр докумуон барыта ыйаммыта харахха быраҕыллар.
Оператордар анал таҥастаахтар. Таҥаһынан хааччыллыылара үчүгэй. Хамнастара эмиэ кэмигэр кэлэр. Ый ортотугар уонна бүтүүтүгэр ылабыт дэһэллэр. Николай Васильевич Раднаев дириэктэрдээх Аллайыахатааҕы филиалтан сороҕор “буранынан”, сороҕор массыынанан кэлэн, үлэлэрин бэрэбиэркэлииллэр, ыксаллаах түгэҥҥэ көмөлөһөллөр. Онон бэйэлэрин олус ойдом олорор курдук санамматтар.
Үлэлиир миэстэҕэ барытын үчүгэйдик көрө-истэ сырыттахха табыллар. Ол да иһин, оператордар хочуол форсункатын кичэйэн көрөллөр. Хочуолунай иһигэр, таһыгар даҕаны маннык араас үлэ-түбүк элбэх.
Онон дьуһуурунай оператор сарсыарда 9 чаастан киэһэ 9 чааска диэри үлэлиир уонна симиэнэтин этэҥҥэ атын дьуһуурунайга туттарарга кыһанар. Кини үлэтин маастар салайар.
Санаа
“Субуотунньукка көхтөөхтөр”
Надежда Дьяконова, нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы:
– ОДьКХ кэлэктиибэ нэһилиэкпитигэр ыытыллар субуотунньуктарга куруук көхтөөхтүк кыттар. Валентин Уваровскай уонна Игорь Федоров нэһилиэк сэбиэтин дьокутааттарынан буолаллар. Хомунаалынай хаһаайыстыба кэлэктиибэ маннык састаабынан үлэлээбитэ ыраатта. Бары даҕаны өр сылларга үлэлээбит уопуттаах дьон. Бөрөлөөхтөр этэҥҥэ кыстыырбытыгар саамай тутаах дьоммут. Онон кинилэринэн киэн туттабыт уонна үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарабыт!
Ити курдук, Бөрөлөөх учаастагын хомунаалынай хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ 2023 сылы этэҥҥэ туораан, Саҥа дьылга үктэнэргэ эрэнэллэр. “Бөрөлөөххө куруук сылаас эрэ буоллун,” – дэһэллэр кинилэр.
Хаартыскалар В.Уваровскай тиксэриилэрэ
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…