“Буутунай Сиэниттэн айаммытын саҕалаабыппыт”

Share

Сайыҥҥы былдьаһыктаах күннэри баттаһа, учуонайдар эмиэ айаҥҥа турунааччылар. “Кыталык” национальнай паарка сиригэр-уотугар бэс, от ыйдарыгар бэйэлэрин идэлэринэн көтөрдөрү уонна балыктары үөрэтэн “Кыталык” паарка ыстаарсай научнай сотруднига Сергей Михайлович Слепцов уонна ихтиолог, “Кыталык” НП сүрүн научнай сотруднига Евгений Васильевич Иванов үлэлээтилэр. Кинилэр бу айаннарыгар таарыччы атын харамайдары эмиэ үөрэттилэр.

— Биһиги улахан маршруту оҥорон сырыттыбыт. Бу киэҥ сиринэн тэлэһийэ сылдьарбытыгар кыталыгы, атын да көтөрдөрү, балыгы үөрэттибит. Айаммытыгар олох кыһыҥҥыттан бэлэмнэммиппит. Ханна, хайдах тиийэрбитин, туох сиргэ-уокка хонорбутун, бэнсииммитигэр тиийэ учуоттанан, тэриммиппит. Бэйэбитин кытта тиэйэ сылдьарбыт уустук буолуо диэммит, паарка Гусиная диэн үрэххэ баар кордонугар бэнсииммитин уурдарбыппыт. Онно икки иниспиэктэр баар. Буутунай Сиэнэ диэн Буутунай күөлүттэн тардар үрэхтэн айаммытын саҕалаабыппыт. Мотуорбут сорох сиринэн от хойуутук үүнэн кыайан барбат этэ. Атын сиэннэр, сүүрээннэр холбостохторун аайы үрэхпит кэҥээн, дириҥээн испитэ. Ити үрэҕинэн айаннаан Гусинайга түспүппүт. Гусинайга иниспиэктэрдэргэ олорон үлэлээбиппит. Иниспиэктэрдэр Иннокентий Кочкин уонна Игорь Лебедев үлэлиирбитигэр улаханнык көмөлөстүлэр. Кыталыгы ханна көрбүттэрин ыйан, сирдээн биэрдилэр, кэлэрбитигэр көрсөн, биир бытаан мотуору бэйэлэрин мотуордарыгар тиэйэн кордоннарыгар аҕалбыттара. Барарбытыгар Күлүмэр Сиэнэ диэн Гусинайга түһэр өксөйүөхтээх үрэхпит төрдүгэр быраҕан биэрбиттэрэ, — диэн саҕалаата быйылгы айанын туһунан Сергей Михайлович.

Дьэ, онтон учуонайдар эмиэ тохтоон үлэлии-үлэлии бу үрэҕи өксөйөн Күлүмэр күөлүгэр тиийбиттэр. Бу күөл улахана бэрт буолан, олус долгуннаах эбит. Онон хас да күн тыал мөлтүүрүн кэтэһэргэ күһэллибиттэр. Онтон тыал намыраабытыгар күөлтэн күөлгэ түhэн, сорох сиргэ оҥочолорун соhон, малларын сүгэн, сороҕор сиэннэринэн айаннаан, Саҕарыччыйа диэн күөлгэ тиийбиттэр.

Кыталык, мохсоҕол, хаас элбээбит

— Бу күөл дьиктитэ диэн уута урут Дьолоон (Бөрөлөөх) үрэҕэр түһэр эбит, билигин уута атын күөллэринэн эргийэн, Гусинай үрэххэ түһэр буолбут. Онтон урукку оhон эрэр сиэнинэн аллараа айаннаабыппыт. Бу манна олус эрэйи көрдүбүт, ото дэлби үүнэн мотуор кыайан барбат, эрдии эмиэ туһалаабат. Хата, эрдэттэн ураҕас мастары бэлэмнэммиппит, онон анньынан атын сиэн холбоһуор диэри барбыппыт. Сиэммит эмиэ аллараа бардах аайы дириҥээн, кэҥээн иһэр. Кэнники эрэйэ суох айаннаан Дьолоон үрэҕэр түспүппүт. Онно эмиэ “Кыталык” национальнай парка кордона баар. Онон, дьэ ый курдук сырыттыбыт, көрдүбүт-иһиттибит. Ханна тоҕоостоох сиргэ тохтоон, 1–2 күн үлэлиибит. Сарсыныгар үлэлээн бүтэн баран салгыы айанныыбыт. Үчүгэй хонор сирдээх сиргэ тохтуу сатыыбыт. Кыталыгы 30‑тан тахса уйалаах паараны көрдүбүт. Олору учуоттаатыбыт. Эдэр кыталыктары уона “холостуойдары” туспа аахтыбыт. Биһиэхэ кыталык урукку уйаларын каарталара баар. Ону кытта тэҥнээтэххэ, ахсааннара элбээбит курдук. Биир паара бэлиэтэммит сиригэр 2 эҥин паара кыталык баар буолбут. 1990 сылтан саҕалаан 2008 сылга диэри бөртөлүөтүнэн көтө сылдьан кыталыктары биһилэхтиир үлэлэр ыытыллыбыттара. Ол кэмнээҕэр элбээбит курдук дии санаатыбыт. Атын көтөрдөртөн ыллахха, мохсоҕол, хаас элбээбитэ бэлиэтэнэр. Ол оннугар мородуну олох көрбөтүбүт. 2014 с. оҕолоох мороду элбэх этэ. Бу сырыыга тоҕо эрэ көрбөтүбүт,  — диэн кэпсээтэ салгыы учуонай.

Кыыл табалары биирдэ — үһү, биирдэ түөрдү көрбүттэр. Уопсайа 30‑ча ахсааннаах, оҕолордоох овцебык үөрэ сылдьар эбит. Дьолооҥҥо чугаһаан иһэн атыыр тайах аһыы сылдьарыгар түбэспиттэр. Омук Күөлүн таһыгар оҕолоох тыһы тайах суола сытар үһү. Туундараҕа кутуйах элбээн, кырса төрөөбүт. Былырыын тыатааҕы кырса уйатын алдьаппыт сирэ баар, арааһа, оҕолорун сиэбит быһыылаах, диир. Бэйэтин сибиэһэй суолун-ииһин көрбөтөхтөр.

Балыгы этэр буоллахха, Гусинай үрэх диэки өттүгэр сордоҥ суох эбит, оттон Дьолоон диэки элбэх. Олохтоох балыктартан ураты дьарҕаа (хариус) баарын, үрэхтэргэ күөллэргэ, син балачча элбэҕин учуонай бэлиэтиир.

Хомурдуос хантан кэлбитэ буолуой?

Үөн-көйүүр туһунан эттэххэ, от ыйын саҕаланыытыгар маска үөскүүр хомурдуос элбээбит, урут көрөөччүлэрэ суох эбит. Научнай аата усач диэн, уот сиэбит эбэтэр кэрдиллибит маска төрүүр-үөскүүр. Туундараҕа быйыл киhи барыта көрбүт, дьиктиргээбит. Мас суох сиригэр хантан кэлбиттэрэ дьикти, соҕуруу мастаах сиртэн тыалы кытта кэлсибит буолуохтарын сөп диэн сабаҕалыыр Сергей Михайлович.

Түмүктээн эттэххэ, учуонайдар Сергей Слепцов уонна Евгений Иванов сырыыбыт, үлэбит табылынна диэн үөрэллэр. Инникигэ итинник үлэлэри ыытарга элбэҕи биллилэр. Былаан быhыытынан сыыйа “Кыталык” паарка иhигэр киирэр сири барытын үөрэтэ сатыахтара. Бу үлэлэрин түмүгүнэн отчуот суруйуохтара. Кыталык уйатын бэлиэтээбит каарталарын саҥардыахтара. Онон учуонайдарга эргиччи туһалаах сайын ааһан эрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago