Байыастарга тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга кыах биэрдилэр

Share

Дойду Бырабыыталыстыбата байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр уонна кыттааччыларыгар анаан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга граннары биэрэр «Агромотиватор» бырагырааманы үлэлэттэ.

Премьер-миниистир Михаил Мишустин 2024 сыл ахсынньытыгар илии баттаабыт уурааҕа бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирэн байыастары  өйөөһүҥҥэ туһуланар.

«Байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ уонна кыттааччылара саппааска босхолонон тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга грант ылыахтарын сөп. Дойду Бырабыыталыстыбата туһааннаах уурааҕар илии баттаммыта уонна бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирдэ», — диэн 2020 сылга үлэҕэ киирбит Россельхозбаан «Свое Фермерство» бырайыагын официальнай саайтыгар иһитиннэрии таҕыста.

Бу грант чэрчитинэн бэтэрээннэр агробизнестарыгар үбүнэн-харчынан көмөлөһүөхтэрин сөп: сүөһүнү иитиигэ — 7 мөл. солк. тиийэ уонна атын хайысхаларга — 5 мөл. солк. диэри үп-харчы көрүллэр. Үбүлээһин федеральнай бүддьүөттэн эрэгийиэннээҕи бүддьүөккэ киирэр.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Үөһээ Бүлүүгэ тыа хаһаайыстыбата сайдар кэскиллээх

Үөһээ Бүлүү улууһугар ааспыт сыл түмүгүнэн тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар 16 сүөһү, сылгы иититинэн дьарыгырар потребительскай…

16 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бу бээтинсэҕэ — «Коркин. Андаҕар» испэктээк

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын испэктээктэрин эккирэтэ сылдьан барыларын кэриэтэ олус сөбүлээн көрөбүт. Биир…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амматааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ оҕолору тулалыыр эйгэни кэтээн көрөргө үөрэтэллэр

Бэҕэһээ, тохсунньу 22 күнүгэр, Амма улууһунааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лиссиэй 3-с…

47 минут ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар

Дьокуускай куораттааҕы территориальнай быыбардыыр хамыыһыйата Кыайыы иһин бэйэтин көмөтүн киллэрэр

«ДоброVольцы» волонтердар хамсааһыннарын көрдөһүүтүнэн, Дьокуускай куорат территориальнай быыбардыыр хамыыһыйатын үлэһиттэрэ (бэрэссэдээтэл С.Б. Алексеева)  матырыйаал атыылаһан,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Мохсоҕоллоох оскуолатыгар 450 миэстэлээх саҥа куорпус аһылынна

Тохсунньу 22 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Мохсоҕоллоох оскуолатын саҥа куорпуһун үөрүүлээх аһыллыытыгар кытынна. 450 миэстэлээх…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка 59 саастаах эр киһи атыы-эргиэн киинин витринатыттан статуэтканы уорбут

Дьокуускай куорат полициятын 3 №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар биллибэт киһи 6 тыһыынча солкуобай суумалаах статуэтканы…

2 часа ago