Бүддьүөккэ салгын тырааныспарынан көтүүгэ, байыаннайдарга көмө учуоттаныллыаҕа
Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн быйылгы сокуонугар уларытыылары киллэриигэ хотугу улуустарга көтүүнү субсидиялааһыҥҥа, тыа хаһаайыстыбатыгар сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьоҥҥо көмө, о.д.а. төлөбүрдэр учуоттаныахтара. Бу туһунан бэҕэһээ Ил Дархан Айсен Николаев Үп миниистирэ Валерий Жондоровы кытары кэпсэттэ.
Ил Дархан Айсен Николаев быйылгы сыллаах бүддьүөт сокуонугар уларытыылары киллэриигэ хайаатар да социальнай бырагыраамаларга болҕомто ууруллуохтааҕын эттэ. Ону таһынан мобилизацияҕа ыҥырыллыбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөҕө эмиэ үбүлээһин көрүллүөхтээҕин бэлиэтээтэ.
Үп миниистирэ Валерий Жондоров бүддьүөт сокуонун барылыгар үөрэхтээһиҥҥэ, доруобуйа харыстабылыгар, салгын тырааныспарынан көтүүгэ, о.д.а. боппуруостар учуоттаныллыахтарын эттэ.
– Үөрэхтээһин эйгэтигэр судаарыстыбаннай стандарты ыытыыга үөрэх тэрилтэлэригэр эбии үбүлээһин көрүллүөн наада. Ону таһынан кыра хамнаһы тэҥнээһиҥҥэ 1,1 млрд солкуобай ирдэниллэр. Салгын тырааныспарынан көтүүнү субсидиялааһын, санитарнай рейстары ыытыы, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин эмиэ туспа үбүлээһини ирдииллэр. Ил Дархан министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, судаарыстыбаннай тэрилтэлэр ороскуоттарын көрүнэллэригэр эттэ. Бастатан туран, манна ыксала суох боппуруостары көрүөхтэрэ. Бу түмүгэр хомуллубут үп өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин өйөөһүҥҥэ, социальнай боппуруостары быһаарыыга, ол иһигэр байыаннайдар дьиэ кэргэттэрин өйөөһүҥҥэ, барыаҕа, – диэн иһитиннэрэр Валерий Алексеевич көрсүһүү кэнниттэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: