Арассыыйа бүддьүөтүн дохуоттаах чааһа 2023 сылга 26,13 трлн солкуобай буолуоҕа, ороскуота – 29,056 трлн солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Эһиилги бүддьүөккэ дойдуга куттал суоһаабатын хааччыйыыга үбүлээһин үрдээтэ. Арассыыйаҕа холбоспут түөрт эрэгийиэҥҥэ болҕомто уурулунна. Арассыыйа эһиилги бүддьүөтэ хайдах буолуоҕай?
Үп сүрүн сокуонун барылынан эһиил бүддьүөт дохуоттаах чааһа 26,1 трлн солкуобайынан быһыллыбыт. 2024 сылга бу суума 27,2 трлн солкуобайга, 2025 сылга 28 трлн солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Ороскуота 2023 сылга – 29, 2024 – 29,4 уонна 2025 – 29,2 трлн солкуобай буолуоҕа. Быйылгы сыллаах үп сүрүн сокуонун кытары тэҥнээтэххэ, эһиилги бүддьүөппүт дэписсииттээх оҥоһулунна (былырыын дойдубут бүддьүөтэ дохуоттаах чааһа – 25,02, ороскуота – 23,69 трлн солкуобайынан быһыллыбыта). Ити өйдөнөр. Быйыл олунньуга Арассыыйа тас дойдуга анал байыаннай эпэрээссийэ ыытарын туһунан биллэрэн, дойдуга куттал суоһаабатын хааччыйыыга улахан болҕомтотун уурда. Арассыыйа састаабыгар киирбит түөрт эрэгийиэн бүддьүөтүн эмиэ көрдө.
РФ үбүн миниистирэ Антон Силуанов бэлиэтээбитинэн, бүддьүөт социальнай хайысхатын сүтэрбэт. Манна 7,3 трлн солкуобай барыаҕа, бу бүддьүөт 25,3 % ылар. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүддьүөтү таҥыыга биэнсийэлээхтэргэ, дьиэ кэргэҥҥэ, Ийэ хапытаалыгар, социальнай төлөбүрдэргэ ордук болҕомтону уурарга эппитэ. Ол чэрчитинэн, олунньуттан социальнай төлөбүрдэр инфляция (сыана үрдээһинин) көрдөрүүтүттэн
12,3 % үрдүөхтээх. Бүддьүөт эйгэтигэр үлэлиир дьон хамнастара эһиилгиттэн эмиэ үрдүүрэ былааннанар. Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14,3 тыһыынча солкуобай буолуоҕа. Оттон хамнас алын кээмэйэ 16,2 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Билигин бу суума 15,2 тыһыынча солкуобай.
Эһиилги бүддьүөккэ, кэлиҥҥи буола турар балаһыанньанан, национальнай оборуонаны бөҕөргөтүүгэ болҕомто күүһүрбүт. Манна анаан бырабыыталыстыба 4,98 трлн солкуобайы ыыппыт, бу бүддьүөт уопсай сууматыттан 17 бырыһыанын ылар. Куттал суох буолуутун хааччыйыыга 4,417 трлн солкуобай былааннаммыт, бу бүддьүөттэн 15 % ылар. Ону таһынан Арассыыйа састаабыгар саҥа киирбит эрэгийиэннэри сайыннарыыга бүддьүөттэн үбүлээһин эмиэ көрүллэн турар.
Миниистир иһитиннэрбитинэн, социальнай эбийиэктэри, ол иһигэр оскуолалары, оҕо саадтарын, балыыһалары, тутуу, былааннаммытын курдук барыаҕа. Үрдүкү технологиялары, наука кииннэрин, тыа хаһаайыстыбатын, о.д.а. инники күөҥҥэ турар боппуруостар барыта бүддьүөккэ киирбиттэр.
Судаарыстыбаннай Дуума бу нэдиэлэҕэ федеральнай бүддьүөт сокуонун барылын иккис ааҕыынан ылынна. Бүддьүөт сокуонун көрүүгэ иккис ааҕыы сүрүн ааҕыы буолар. Онон дьокутааттар улахан уларытыылары сүрүннээн бу ааҕыы кэмигэр ылыналлар.
Уларытыыларга киирбит пууннары ылан көрдөххө, манна социальнай эйгэлэргэ, байыаннайдарга, хомуурга барбыт саллааттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүү биир сүрүн миэстэни ылар. Ону таһынан, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, тырааныспар, суол-иис эйгэтигэр эбии үбүлээһини көрүү баар.
Эйгэлэринэн тэҥнээн көрдөххө, 2019 сылтан доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ үбүлээһин эбиллибит. Холобур, 2019 сылы кытары тэҥнээтэххэ, доруобуйа харыстабылыгар үбүлээһин – 11 %, үөрэхтээһиҥҥэ 5 % үрдээбит.
Тыа сирин биир кэлимник сайыннарыыга эһиил бүддьүөттэн эбии аҕыс миллиард солкуобай барыаҕа.
Ол иһигэр мелиорацияҕа, научнай-тиэхиньиичэскэй бырайыактарга биирдии миллиард солкуобай ыытыллыаҕа. Тыа сирин гаастааһыҥҥа, фельдшерскэй-акушерскай пууннары, спортивнай эбийиэктэри тутууга үбүлээһин эмиэ эбиллибит. Биһиэхэ, улуустарынан тайаан олорор дьоҥҥо, бу үчүгэй сонун.
Суол-иис чааһыгар эттэххэ, бүддьүөт барылын иккис ааҕыытыгар эрэгийиэннэр суолларын оҥорууга эһиил үбүлээһини үрдэтэннэр, 29,1 млрд солкуобайга диэри таһаарбыттар. Ону таһынан, куораттарга сылдьар уопсастыбаннай тырааныспардары сайыннарыыга туспа пуун көрүллүбүт. Манна, бука, үбүлээһин уотунан, водородунан барар тырааныспардарга харчы кутуллар буолуохтаах.
Билигин дойду үрдүнэн үлэни-хамнаһы барытын сыыппараҕа көһөрүү бара турар. Бу чэрчитинэн сибээс эйгэтигэр үбүлээһини өссө 8 млрд солкуобайынан үрдэппиттэр. Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин бэлиэтииринэн, бу харчы аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэлээх пууннарга интэриниэт ситимин киллэриигэ туһуланыаҕа. Бу бырагырааманан эһиил 1800 нэһилиэнньэлээх пууннарга интэриниэт ситимин киллэрэр былааннаахтар. Бу эмиэ биһиэхэ сыһыаннаах түһүмэх.
Үөрэхтээһин эйгэтигэр эттэххэ, эбии үөрэхтээһиҥҥэ – 2,5, дьарыктаах буолуу кииннэрин сайыннарыыга 2,7 млрд солкуобай көрүллүөҕэ. Ыччаттар бэйэ дьыалатын тэриниилэригэр көмө быһыытынан туһааннаах бырагыраамаҕа үп сүрүн сокуонугар 450 мөлүйүөн солкуобай былааннаммыт. Ону сэргэ тутуу этэрээттэрин байыастарын оробуочай идэлэргэ үөрэтиигэ 250 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт. Оскуолаларга өрөмүөнү ыытыы, үөрэнээччилэри итии аһылыгынан хааччыйыы, үөрэх бырагырааматыгар саҥа хайысхалары киллэрии, оҕо саадтарыгар эбии миэстэлэри тэрийии, оҕо лааҕырдарын арыйыы курдук пууннарга эмиэ эбии үбүлээһини көрбүттэр. Холобур, саҥа лааҕырдары арыйыыга уопсайа биир миллиард солкуобай ыытыллыбыт. Оскуола оҕолоро саҥа үйэ сиэринэн араас бырагырааманы оҥорууга үөрэнэллэригэр 1,4 млрд солкуобай барыаҕа. Оттон эдэр учуонайдары өйөөһүҥҥэ РФ бэрэсидьиэнин истипиэндьийэтин быһыытынан эһиил уопсайа 67,1 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт.
Итини таһынан, үп сүрүн сокуонугар үбүлээһин бырамыысыланнай тутууларга эбиллибит. Манна ордук аракыаталары, суудуналары саҥардыыга болҕомто ууруллубут. Холобур, аракыата-куосумас бырамыысыланнаһын сайыннарыы бырагырааматыгар 754,9 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт. Бырамыысыланнай суудуналары тутууга 2025 сылга диэри хас сыл аайы үс аҥаардыы миллиард солкуобай былааннаммыт. Уотунан барар массыыналары оҥорууга 2,4 млрд солкуобай барыаҕа. Оттон Арктиканы сайыннарыыга көрүллүбүт инвестиционнай бырайыактарга эһиил – 2,6 млрд солкуобайы, 2024 сылга – 2,5 млрд солкуобайы, 2025 сылга 1 млрд солкуобайы ыытыахтара. Манна даҕатан эттэххэ, РФ бырабыыталыстыбата Хотугу муора суолун 2035 сылга диэри сайыннарыы былаанын бигэргэтэн турар. Бу бырагырааманан иллэрээ күн “Якутия” диэн атомнай саҥа ледокол оҥоһуллан, ууга түһэрилиннэ. Ледокол 2024 сылга силигэ ситэн, үлэҕэ толору киириэхтээх. Бу хотугу навигацияҕа улахан бэлиэ түгэн.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…