Салгыы
Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара үрдүөҕэ

Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара үрдүөҕэ

15.12.2022, 12:45
Бөлөххө киир:

Үүнэр 2023 сылга бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын кырата 8% үрдэтиэхтэрэ. Бу туһунан бэрэсидьиэн Владимир Путин бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрдэ. Эрэгийиэннэргэ эбии үп-харчы көрөргө соруйда.

Бу манна анаммыт үп-харчы номнуо 2023-2025 сыллардааҕы федеральнай бүддьүөккэ көрүллүбүт. Бастатан туран, быраабы көмүскүүр уорганнар уонна байыаннай сулууспалаахтар хамнастара үрдүөҕэ. Онтон федеральнай таһымнаах судаарыстыбаннай тэрилтэлэр, гражданскай судаарыстыбаннай сулууспалаахтарга, судьуйаларга, борокуруордарга үрдүөхтээх. Инфляция таһымынан, 8%-тан кырата суох, индексация оҥоһуллуоҕа.

Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтэргэ 1,006 триллион солкуобай көрүллүөхтээх, бу суума үс сылга суоттаммыт.

Оттон чааһынай хампаанньалар үрдэтэр эбээһинэстээхтэр дуо? Дуогабарга ыйыллыбатах буоллаҕына, суох. Ол эрээри, сороҕор, бүддьүөт тэрилтэлэрэ хамнастарын үрдэттэхтэринэ, чааһынайдар эмиэ батыһаллар. HeadHunter чинчийиитинэн, чааһынай хампаанньалар 32%-ра хамнаһы үрдэтэргэ бэлэмнэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: