Бүдүрүйбүт да көнөр…
Сэбиэскэй кэм саҕана үлэтэ, туох да дьарыга суох киһини сүөргүлүү көрөллөрө. Ол да иһин, оннук дьон тарбахха баттанара. Биир эмэ киһи баар да буоллаҕына, ол барахсан аһыы утахха ылларбыт эбэтэр олох ыарахан содулуттан бүдүрүйбүт дьылҕалаах буолара.
Тыа сирин биир кытыы нэһилиэгэр олорор Баһылай улуус киинигэр СПТУ-га үөрэнэн, тырахтарыыс идэтин ылбыта. Ону даҕаны урут оскуолаҕа үлэлээбит ырааҕынан аймаҕа киһи тылыгар киллэрэн сөбүлэҥин биэрбитэ. Уол үөрэҕэр мөлтөх дуу, куһаҕан майгылаах дуу буолбатах этэ. Улуус үөрэхтээх да дьонугар суох кинигэлэри буостанан суруйтаран ааҕара, билэрэ-көрөрө элбэҕэ. Ол эрээри, тоҕо үрдүк үөрэххэ таласпатаҕын ким да билэ, таайа да сатаабат этэ. Баҕар, тулаайах аҥаардаах иитиллибитэ, аныгылыы эттэххэ, онтуттан тутулуктааҕа (комплекс) сабыдыаллаабыта да буолуо…
Тыраахтары ыытар “үөрэхтэммит” киһиэхэ ыраата барбакка, бэйэтин кыра нэһилиэгэр үлэ көстүбүтэ. Уол күн аайы нэһилиэгин дьонугар муустарын, отторун-мастарын тиэйэр дьарыктана түспүтэ. Күн солото суох сылдьара. Кини өҥөтүгэр суһаллык наадыйан, сопхуос салалтата оҥорор уочаратын күүппэккэ, быһа аҕалтарыан-тастарыан баҕалаах дьон да элбэҕэ. Ол дьон Баһылайга албыннаһан, кыра ас-үөл, эт-үүт аҕалаллара. Уол бастаан аккаастанан көрөрө да, кини суоҕар күүлэтигэр киирэн эбэтэр дьиэтин ааныгар хаалларар адьынаттаммыттара. Онтон аны үлэтин толордоҕуна, уу харчынан төлөспөккө, манньатыгар арыгы туруорар идэлэммиттэрэ. Бастаан кырдьык-хордьук дьиэлэригэр киллэрэн, сыалаах эттээх, үүттээх ити чэйдээх остуолга ыҥыран аһаталлара уонна хайаан да бытыылка остуол ортотугар ууруллара. Онтон олох да дьиэҕэ ыҥырбакка, бытыылканы туттаран баран, аараттан утааран кэбиһэр идэлэммиттэрэ. Арыгы аһыы амтанын хайыы үйэ амтаһыйбыт эдэр киһи ол “кэһиини” ыраах ууран кэбиспэккэ, киэһэ хайаан да иһэр идэлэммитэ. Устунан дьиэтигэр-уотугар соҕотоҕун иһэн, “бытовой” иһээччигэ кубулуйбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта.
Ол сылдьан биир күн үлэтигэр кур тахсан, тыраахтарынан баҕанаҕа сааллан, улахан буруйга-сэмэҕэ тиксибитэ. Кинини оройуон киинигэр сууттуу киллэрбиттэрэ.
Ыт үрбэт киһитигэр кубулуйуу
Бу кэмҥэ оройуон суутугар саҥа судьуйа кыыс үлэлии сылдьар сураҕа иһиллибитэ. Убаастаан ааттыылларынан, Прасковья Павловна олус кытаанах, тыйыс көрүҥнээҕэ. Киниттэн бары куттаналлара. Прасковья Павловна Баһылай дьыалатын көрөргө кыттыспатаҕа эрээри, уолу көрөөт да аһара аһыммыта. Улахан ыстараапка тиксибит уолга дуоһунаһынан буолбакка, киһи быһыытынан көмөлөһүөн баҕарбыта. Биирдэ уолу кэбиниэтигэр ыҥыран, атах тэпсэн олорон кэпсэтэргэ санаммыта да, Баһылай кэлбэтэҕэ. Прасковья тыа сирин сэмэй үлэһит уола, эбиитин дьыалаламмыт уол улахан хотуҥҥа киирэн кэлиэҕин санаата кыайбатаҕын өйдөөбүтэ. Биир өрөбүл күн Баһылай олорор нэһилиэгэр тиийбитэ уонна туох да ыҥырыыта суох кини ыыспатыгар киирэн кэлбитэ…
Баһылай бэйэтин дьиэтигэр буолан дуу эбэтэр холуочук буолан дуу, ыҥырыга суох ыалдьыты атыҥырыы көрсүбэтэҕэ, туох баарынан күндүлээбитэ. Прасковья Павловна даҕаны уолу бастакыттан үөрэтэн-такайан, хомуруйан барбакка, чугастааҕы ыалларын, нэһилиэк, онтон олох да Сэбиэскэй Сойуус балаһыанньатын, бэлиитикэ боппуруостарын ырытыһан барбыттара. Кыыс Баһылай билиитэ-көрүүтэ таһыччытын олус сөхпүтэ.
Үлэтигэр кэлэн баран, уол олорор нэһилиэгин сэбиэтин дьонуттан кини хайдах сылдьарын, тугу эмэ үлэлээн эрэрин дуу, суоҕун дуу ыйыталаһа олорбута. Хомойуох иһин, Баһылай ким да айах атан кэпсэппэт, ыт үрбэт киһитигэр кубулуйбут этэ…
Прасковья Павловна элбэҕи толкуйдуу барбатаҕа, Баһылайы күүһүнэн кэриэтэ улууска көһөрөн киллэрбитэ уонна уопсай дьиэҕэ олохтообута. Уол сыыйа-баайа олохтоох кэмбинээккэ этэрбэс улларааччынан үлэҕэ киирбитэ уонна идэтин түргэнник баһылаабыта. Ол эрээри, манна да арыгынан “айах тутааччылар” көстүбүттэрэ.
Уопсайынан, ханна даҕаны бэйэ киһитин сэниир, өссө хаһан эрэ түһэн биэрбит буоллаххына, киһинэн аахпат майгы баар буолар. Баһылайга да дьон оннук сыһыаннаһара. Арай, Прасковья Павловна сыһыана эрэ дьикти этэ. Сотору-сотору дьиэтигэр кэлэ сылдьар үгэстэнэн, син бэйэ-бэйэлэрин нэмнэрин билсибиттэрэ. Дьон ону сурах хоту истэн эбэтэр ким эрэ көрөн, уһун тыллаахтар араас сураҕы-садьыгы тарҕаппыттара.
Прасковья Павловна дуогабара бүтэн, атын сиргэ барар кэмэ тиийэн кэлбитигэр бары соһуйуохтарын иһин, “эһиги бары сэниир, киһинэн аахпат Баһылайгытын мин илдьэ барыам уонна хайаан да киһи оҥоруом!” диэн кытаанахтык эппитэ иһиллибитэ. Биллэн турар, итэҕэйбэт, сэтэриир, үөннээхтик күлэр киһи элбэх этэ.
Киһи эрэнэр киһитэ буолуу – дьол
Баһылайы хайдах тылыгар киллэрэн илдьэ барбыта билиҥҥэ диэри кистэлэҥ, таайыллыбат таабырын. Арай, Прасковьялаах Баһылай саҥа сиргэ кэлэн бииргэ олорбуттара. Таптал баара эбитэ дуу, суоҕа эбитэ дуу? Санаабытын хайаан да ситиһэр, толкуйдаабытын толорор суут үлэһитэ Прасковья Павловна Баһылайы тылыгар киллэрэн, устуорук идэтигэр кэтэхтэн үөрэттэрбитэ. Аны бэйэтигэр суоппарынан ылбыта. Баһылай саҥа сиргэ кэлэн үлэлэнэн, санаата сыыйа-баайа уларыйан, киэһэ үөрэҕин сорудаҕын толороруттан солото суох барбыта. Аны Прасковьята үлэтигэр бардаҕына, дьиэ-уот көрүүтэ-истиитэ, бэл, киэһээҥҥи аһын астааһын кини санныгар сүктэриллибитэ. Кимиэхэ эрэ туһалаах, ким эрэ олус наадыйар киһитэ буолар диэн тугун этинэн-хаанынан билбитэ. Бэйэтин кэрэ аҥаарга, дьиэ кэргэҥҥэ эрэллээх эркин буолар аналын толорор кэмэ кэлбитин өйдөөбүтэ.
Биллэн турар, аһыы утахтан букатыннаахтык аккаастанар бастаан утаа олус ыарахан этэ. Хаһаайката үлэтигэр бардаҕына, ханна эрэ кистээбит бытыылкатыттан омурдан ылар кыдьыга тута сүппэтэҕэ. Ол гынан баран, хата, суоппардыыр үлэтэ эбээһинэстээбитэ да быһыылааҕа. Сүрүнэ, киһиэхэ киһилии сыһыан диэн тугун билбитэ. Биир дьиэҕэ биир салгынынан тыынан олорор кэрэ аҥаара киниэхэ киһилии сыһыана дьылҕатын тосту уларыппыта. Сотору саахсаланан, сокуонунан кэргэннии буолбуттара.
Прасковья да кэргэнигэр сыыспатаҕын билэрэ, олус иллээхтик олорбуттара. Баһылайын оччотооҕу кэм муодунай таҥаһынан таҥыннарбыта, баттаҕын дьүөгэтин ыҥыран кырыйтарара. Бэйэ киһитин баттаҕын кырыллыа суохтаах, дьолгутун сарбыйаҕыт диэн ким эрэ этэн кэбиспитин итэҕэйэр курдуга.
Кини Баһылайы аан бастаан көрбүт күнүн уонна биир дойдулаахтара киниэхэ тоҥуй, сэнэбиллээх сыһыаннарыттан хомойбута тоҕо эрэ ааһан биэрбэтэҕэ, күн-дьыл суурайан кэбиспэтэҕэ. Олох очуругар оҕустарбыт киһиэхэ ханна да итинник сыһыан баарын билэрэ эрээри, онтон аһара абатыйара. Баҕар, ону дакаастыан баҕаран эбитэ дуу, сыл аайы уоппускатыгар аҕыйах хонукка Баһылайын илдьэ ол улууска баран көстөн кэлэр идэлэммиттэрэ. Дьиҥэр, Баһылай дойдутугар төннүөн соччо баҕарбат этэ, санаатыгар онно кинини бары эмиэ тарбахтарынан ыйа-ыйа көрүөхтэрэ дии саныыра. Дьиҥэр, кини урукку Баһылай буолбатах этэ эбээт, үөрэҕин бүтэрэн улуус киинигэр Василий Васильевич диэн убаастанар учуутал, 2 оҕо амарах аҕата.
Мэлдьи буоларын курдук, Баһылайын маанытык таҥыннаран, этэргэ дылы, ытыахтарыгар диэри киэргэнэн тиийэллэрэ. Бастаан уопсайга түһэр этилэр, онтон биэрэк кытылыгар эргэ дьиэ атыыланан эрэрин истэн, Прасковья Павловна кэргэнигэр эппэккэ да, ол дьиэни атыылаһан ылбыта.
Дьэ, билигин манна сайын аайы кэлэн сынньаналлар. Киэһээ аайы биэрэк устун дьаарбайа таҕыстахтарына, олохтоох дьон кэннилэрин хайыһан көрөллөрүн, бэйэ-бэйэлэригэр сыста түһэн сипсиһэ хаалалларын Прасковья сэрэйэр. Баһылайдара маннык киһи бэрдэ буолбутуттан олус соһуйбут дьон, чуолаан итэҕэйбэтэх дьон, уолларыгар сыһыаннара сыыйа-баайа уларыйбыта. Очурга оҕустарбыт да, бүдүрүйбүт да киһи көнөр кыахтаах эбитин илэ харахтарынан көрөн, эт кулгаахтарынан истэн итэҕэйбиттэрэ. Ол гынан баран, таптал киһини уларыттаҕа диэхтэрин тыллара тахсыбата. Ол Прасковья Павловна кытаанах, тыйыс майгылааҕын умнубатахтарыттан эбитэ дуу?..
ХААРТЫСКА: HTTPS://PXHERE.COM/RU/PHOTO/629583
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: