Бүдүрүйбүтү өйүүр абыраллаах киин
Бэс ыйын 26 күнүгэр бэлиэтэнэр Норуоттар икки ардыларынааҕы наркоманияны уонна наркотическай сириэстибэлэри утары күнү көрсө араас хайысхалаах үлэ ыытыллар.
Биллэн турар, биир ый эбэтэр уонча хонук иһигэр бу олус уустук балаһыанньа көнө охсубата чахчы. Анаан былааннаахтык ылсан үлэлээтэххэ эрэ кыаллар суол буолуо. “Буолуо” дуо, кыаллар эбит! Ону соторутааҕыта илэ көрөн-истэн итэҕэйдим.
Соторутааҕыта олус туһалаах үлэни ыыта сылдьар киһини – наркоманияны утары реабилитация үлэтин уонна хаайыыттан босхоломмут дьону кытта үлэлэһэр “Алмаз” кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ салайааччыта Серафим Иванову кытта анаан көрсөн кэпсэттим.
Дьэбэрэттэн тахсыы суола
– Серафим Серафимович, эн бэйэҕинэн уустук балаһыанньаҕа киирэн тахсыбыт буолан, арааһа, араас ыарахаттар баалларын үрдүнэн, дьаныһан туран, аҕыс сыл устата үлэлээн кэлбиккин быһыылаах…
– 90-с сыллар дьалхааннаах кэмнэрэ этэ. Оччолорго 27 саастаах эр бэрдэ куһаҕан дьаллыкка ылларан, 2011 сыллаахха РФ ХК 228 ыстатыйатынан наркотиктан сылтаан, хаайыыга түбэспитим. Киһи буолуох быабар, өр буолбатаҕым, 2013 сыллаахха “УДО”-нан босхоломмутум. Ол дойдуга сылдьан, олоҕум суолтатын туһунан толкуйдуур буолбутум. Хаайыыттан тахсыыбар икки сыл иһигэр билэр уолаттарым олохторо огдолуйбут этэ: ким бу дойдуттан бараахтаабыт, ким ыарыһах буолбут. Киһи көнө суолга үктэнэригэр уопсастыба илиитин утары уунан көрсүбэт. Ол да иһин олоҕун уларытарга соруммут киһи тута өйөбүлү була охсубакка, санаата оонньоон, төттөрү дьэбэрэҕэ түһэрэ үгүс. Онон хаайыыттан босхоломмут киһи уонна уопсастыба икки ардыгар туох эрэ “далаһа” наадатын таба өйдөөн, оччолорго Дьокуускай куорат наркологияҕа дьыспаансырын кылаабынай бырааһа Петр Тумусов бу маннык бэйэм курдук дьону өйүүр киини аһарбар сүбэлээбитэ. “Бу үлэни бэйэтэ уустук кэми ааспыт эрэ киһи кыайар кыахтаах. Онон дьоҥҥор-сэргэҕэр көмөлөс” диэн сүбэлээбитэ. Кини эппитэ сөптөөҕө көстөн таҕыста. Ол дойдуга сылдьан кэлбит дьон көнөр суолу тобулалларыгар итини барытын ааспыт киһи эрэ бэйэтин холобурунан көрдөрөн, итэҕэтэн, кэнниттэн батыһыннарар кыахтаах. Ол иһин Реабилитациялыыр кииммитигэр хаайыыга олорон баран, көнөр суолга туруммут дьон үлэлииллэр. Ол быдан көдьүүстээх. Кинилэргэ уопуттаах психолог Тамара Егорова көмөлөһөр.
“Сүрүн өйөбүлүм – олоҕум аргыһа…”
– Эн кэргэниҥ өйөбүлэ олус күүстээх буолан, олоххо тардыһыыҥ, уустук олохтоох дьоҥҥо көмөлөһөр үлэҥ ситиһиилэннэҕэ.
– Эр киһини аан дойдуга икки эрэ киһи таба өйдүүр уонна өйүүр – ийэтэ уонна кэргэнэ. Мин кэргэмминээн оскуолаҕа сылдьан доҕордоһон ыал буолбуппут. Саамай махтанарым диэн, ыраах кыра оҕолордоох сылдьан, миигин кытта бары ыарахаттары тулуйбута, киэр анньыбатаҕа. Хаайыыга сытар кэммэр ас таһан, санаабын көтөҕөн, олоххо тардыһыым өссө улааппыта, сыыһабын дьэҥкэтик өйдөөбүтүм. Билигин кииҥҥэ сүрүн үлэбин тэҥҥэ толорсон, ситэрэн биэрээччи – кэргэним Алена Афанасьевна. Онон сүрүн өйөбүлүм – олоҕум аргыһа.
Эр дьон олорор диэбэт дьиэтэ
… Сотору буолаат, Серафим Иванов салайар Реабилитациялыыр киинигэр тиийэн кэлэбит. Таһыттан көрөөт, киһи сөҕө көрөр дьиэтэ эбит. Манна баанньыктан саҕалаан, оҕуруокка тиийэ бары барыта баар. Онон дьарык арааһа. Серафим Серафимович тиэргэнин тэпилиисэлэрин, оҕуруоттарын көрдөрөн баран, дьиэ иһигэр киирэн, бастакы этээскэ баар гарааһы, мастарыскыайын көрдөрөр. Ырааһа, киэҥэ-куоҥа, киһи эр дьон олорор дьиэлэрэ диэбэт. “Эдэрдэр, орто саастаахтар”, диэн хосторунан арахсан олороллор. Буолумуна, интэриэстэрэ учуоттанар буоллаҕа. Утуйар хосторун аттыгар пианино, тренажер уонна бибилэтиэкэ баарын бэлиэтии көрдүм. Киин хаһаайынын кытта салгыы кэпсэтэбит.
– Өйөбүлүнэн төһө туһанаҕыт?
– 2015 сыл ыам ыйын 15 күнүгэр Юстиция министиэристибэтигэр уопсастыбаннай тэрилтэ быһыытынан регистрацияны ааһыахпытыттан ыла сүүстэн тахса киһини көнө суолга сирдээн аҕаллыбыт. Биһиэхэ Ыччат, Дьиэ кэргэн, Үлэлээх буолуу уонна социальнай көмүскэл, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэлэрэ, киһи быраабын көмүскүүр боломуочунай Сардаана Гурьева улахан өйөбүлү оҥороллор.
– Кииҥҥэ анал эмтэниини ааспыт дьон киирэллэрэ буолуо?
– Биллэн турар, кииммитигэр эмтэнии бары түһүмэҕин ааспыт дьон кэлэллэр. Хаайыыттан тахсыбыт киһини тута көннөрө охсубаккын. Бастатан туран, этэ-сиинэ арыгы, наркотик сүлүһүнүттэн олоччу ыраастаныан наада. Ол инниттэн Дьокуускайдааҕы наркология киинигэр (Кангалас бөһүөлэгэр баар) эмтэнэллэр. Онтон биһиэхэ – “Алмаз” кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ социальнай Реабилитациялыыр кииҥҥэ кэлэллэр. Сүрүннээн Тыа хаһаайыстыбатын реабилитациялыыр коммунатыгар Кэбээйигэ ыытабыт. 2016 сыллаахха Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин көмөтүнэн төрөөбүт нэһилиэкпэр Кэбээйи улууһун Мукучутун Арыылаах учаастагар тыа хаһаайыстыбатын үлэтинэн дьарыктанар реабилитациялыыр коммуна тэриммиппит. Онно 100-чэкэ ынах сүөһүнү, ол иһигэр 50-ча ыанар ынахтаах хотону атыыласпыппыт. Сыл аҥаарын устата дьоммут онно үлэлээн, оттоон дууһаларын “ыраастаналлар”, санаалара сайҕанар. Айылҕаны кытта алтыһан, олох атын дьон кэлэллэр.
… Киһи хаһыат биир балаһатыгар бу киин үлэтин сырдатар кыаҕа суох. Оннук далааһыннаах үлэлээх тэрилтэ эбит. Онон сыыйа бу олус туһалаах үлэни ыыта сылдьар тэрилтэ туһунан салгыы кэпсиэхпит.
Туох кистэлэ кэлиэй, Реабилитациялыыр кииҥҥэ кэлэн баран, бастаан хайдах эрэ сэрэхэдийэ санаабытым. Санааҕа-онооҕо ылларбыт, олох очурдарын ааспыт, саппаҕырбыт сирэйдээх-харахтаах дьону көрсүөм диэн толкуй баара. Соһуйуом иннигэр, олох ып-ыраас, сырдык хааннаах араас омук дьоно миигин кытта сэһэргэһэ киирэн кэллилэр. Билбэтим эбитэ буоллар, киин олохтоохторо буолбакка, дьиэлээх-уоттаах кыахтаах ыаллар аҕа баһылыктара диэн ылыныа эбиппин. “Маннык аһаҕастык кэпсэтэн, хаһыакка тахсарга бэлэмҥит дуо?” диэн ыйыппыппар, олох уустуктарыгар түбэспит дьон, “биһиги суолбутун батыстыннар диэн санаа ордук баһыйар. Онон үөрэх буоллун диэн санаабытын тиэрдэр буоллахпыт” диэн бэрт дуоспуруннаах хоруйу ыллым.
Геннадий, 53 саастаах:
– Дойдубуттан тэйбитим ыраатта. Онно миигин умнубуттара да буолуо. Биирдэ арыгылыы сырыттахпына билэр уолум, бу маннык көнөр суолга үктэннэрэр киин баарын эппитигэр, интэриэһиргээбиппэр аадырыһын биэрбитэ. Испэт-аһаабат киһи сүбэтэ хайдах эрэ дууһабар киирбитэ. Оччолорго олоҕум 20-тэн тахса сыла хаайыыга ааспыт киһи, босхолонон баран, симмэр түспүтүм – “чэ, олоҕум хайдах салалларынан бардын” диэн. Онон Таҥара бэйэтэ миигин таба көрөн, ол уолу көрүһүннэрдэҕэ…
Мичил, 53 саастаах:
– Кэргэммиттэн арахсыбытым. Ыарахан олохтоох дьоҥҥо өйөбүл наада. “Балык ыамнаах, киһи күннээх…” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Билигин суорумньу кулууптара биһиги курдук олоххо тардыһар дьоҥҥо болҕомтолорун уураллара буоллар. Олоххо тардыһар дьону саҥа олох толору көннөрөрө чахчы.
Ити курдук, олоххо тардыһыылаах дьон санаалара бөҕөх. Салгыы Мичил уонна кини табаарыстарын санааларын “Саха сирэ” хаһыат саайтыгар ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: