Үлэбититтэн айаннаан иһэн, олох очуругар оҕустарбыт дьону элбэҕи көрөбүт. Ордук дьахтар аймах арыгылыы сылдьара харахха быраҕыллар. Оптуобустан түһэн иһэн сууллан, оҕону баттыы түспүт диэн, кэлиҥҥи эрээккэ утуйбутунан барсан иһэн оптуобустан үүрүллүбүт диэн.
Бука, хаһан эрэ кинилэр да ким эрэ тапталлаах кыыс оҕолоро, ыал ийэлэрэ, эбээлэрэ буоллахтара эбээт.
Мантан сылтаан биир дьүөгэм кэпсээнин санаан кэллим. Идэтинэн ыксаан-бохсоон, хайа эрэ мунньахха түҥ-таҥ түһэн испит. Арай киһитэ-сүөһүтэ суох оптуобус тохтобулугар биир дьахтар кинини аатын ааттаан ыҥырбыт. Тиийэн мээнэ кэпсэтэ турбут, ол тухары хайалара эбитэ буолла диэн саныыр, үлэбинэн ханна эрэ командировкаҕа сылдьан билистэҕим дуу диэн ону сыымайдыыр. Эмиэ да эйигин билэн кэпсэтэ турар киһини билбэтиҥ сүрэ бэркэ дылы. Оттон дьахтара сонньуйан баран, эн миигин билбэтиҥ быһыылаах дии, диэбит. Суох, диэтэҕэ дии. Онтон доҕоор, аатын эппитигэр, соһуйан охтон эрэ түспэтэх. Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кыыһа Д. турар эбит. Дьэ онно сыныйан одууласпыта, чахчы кини эбит. Мунньах эрэ сах эрэ, тохтоон өр кэпсэппиттэр.
Д. туох балаһыанньаттан маннык олоххо кэлбитин наһаа кэпсии сатаабатах. Эмиэ да киһи кэпсиирэ туох кэлиэй. Оҕо эрдэҕинэ, тыа сирин ыалын сиэринэн олохтоох дьиэ кэргэҥҥэ улааппыт. Оскуола кэннитттэн улуус киинигэр кэлэн, орто үөрэххэ үөрэммит, ыал буолбут, үчүгэйкээн оҕолордоммуттар. Үлэ тыа сиригэр аанньа көстүбэтэх, кэргэнэ туох баарынан үлэлии сатыыр, кэлэр-барар эбит. 90-с сылларга үрүйэлии устубут аһыы утах кинилэр дьиэлэрин тумнан ааспатах. Д. бэйэтэ да сытыы кыыс бачча эдэрбиттэн бу “дырааҕа” хаалыам дуо диэн санааттан, эрин кытта арахсан, оҕолорун ийэтигэр хаалларан куоракка үлэ көрдүү кэлбит. Биир омук киһитин булсан, ыал буолаллар, оҕолоноллор. Бэйэтин оҕолорун аҕалан, син бур-бур буруо таһааран олорбуттар. Ол эрээри эрэ өр буолбатах, “төлө” барбыт, арыгылыыр, кырбыыр, дьиэтиттэн үүрэн таһаарар идэлэммит. Инньэ гынан, оҕолору дьоно икки өттүттэн үллэстэн ылбыттар, муунтуйбут, өһөспүт дьахтар устунан саарбах дьону кытта куодарыһар буолбут. Биллэн турар, оннук олох дьахтар барахсаны начаас хампарыттаҕа дии. “Бэл, бу эн билбэтиҥ”, диэбит тылларыгар төһөлөөх ыарыы, аһыы-аба, кэмсинии төлө көтөн тахсыбыта буолуой.
Ааспыт сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 15000 киһи арыгылааһыҥҥа учуокка турар эбит буоллаҕына, онтон 27-30 бырыһыанын дьахтар ылар. Ол аата 4-4,5 тыһыынча дьахтар учуокка турар. Сорох улуустарга нарколог суох буолан, сыыппара араас. Дьэ бу дьон урукку чөл олохторугар, дьиэ кэргэннэригэр төннөллөрүгэр уһун уустук суол кэтэһэр: төһөтө кэлэр, төһөтө муҥур суол устун дьүккүйэ тураахтыыр.
Мантан сиэттэрэн, дьахтар арыгыга ылларар төрүөтүн көрөн ааһыахха. Биһиги саныырбытыгар, арыгыга наһаа кыһалҕалаах олохтоох дьон ылларар курдуктар. Ол эрээри бу дьону кытта быһаччы үлэлэһэр исписэлиистэр этэллэринэн, барыта оннук буолбатах. Ордук дьахтар бэйэтэ бэйэтигэр хаалан хааллаҕына, төһө эмэ тулатыгар дьонноох эрээри, дьиэ кэргэнигэр итии-истиҥ сыһыан суох, бэйэтэ билэринэн сылдьар буоллаҕына арыгыга убанар. Сорохтор наһаа иллэҥнэриттэн, тугу да гыналлара, туох да кыһалҕалара суоҕуттан ыллараллар. Бу маннык араас-араас социальнай балаһыанньалаах дьону туох ситимниирий? Эмтиир дьон кэтээн көрөллөрүнэн, бэйэтигэр эрэлэ суох, санаатын сааһылаан, кэмигэр этэрин этэн, быһаарсан испэт киһи санаата тууйуллар, ыгылыйар, арыгыга охтон хаалар түгэннэрэ элбэх эбит. Оттон бэйэтэ бэйэтигэр эрэллээх, өйө-санаата тобуллаҕас туруктаах киһи хаһан да чуҥкуйбат, тугу гынабын, ханна барабын, кимниин көрсүһэбин диэн төбөтүн сынньыбат, санаарҕаабытын туһунан кэпсээри доҕотторун мунньа сатаабат. Дьарыктаах киһи дьиэтигэр соҕотох да буоллун, куруук солото суох, ол аата кини «самодостаточнай», бэйэтин олоҕор сөпкө сыһыаннаһар, элбэх дьарыктаах, интэриэстээх. Онон тугу да гынара суоҕуттан, хайыыбыный, ханна барабын, кимниин кэпсэтэбин, көрсөбүн диэн боппуруос үөскүүр буолла да, бастатан туран, психологка кэлиэн наада.
Улуустар кииннэрэ, Дьокуускай куораппыт биир дэлэй көстүүтэ – арыгы маҕаһыына элбэҕэ буолар. Ону ордук атын сирдэртэн сылдьар дьон бэлиэтии көрөллөр. Дьахтар аймах сүрүннээн чэпчэки аһыы утаҕы иһэр: үрүҥ, кыһыл арыгы, пиибэ, шампанскай. Бу балартан саамай уодаһыннаахтара пиибэ буоларын олох көрдөрөн иһэр.
Хайа баҕарар аһыы утах этиловай испиирдээх буолла да, дьайыылара тэҥ. Пиибэҕэ этиловай испиирэ кыра гынан баран, кини гаастаах. Онон гаас хааҥҥар киирэн, холуочутар күүһэ өссө күүстээх буолан, буокканы кытта дьайыыларын күүһэ тэҥ-тэҥэ буолан тахсаллар. Аны пиибэҕэ ылларыы быдан түргэнник үөскүүр. Тоҕо диэтэххэ, бырыһыана кыра буолан, ордук дьахтар өттө пиибэни иһэр. Ол эрээри син биир абырахтаналлар, өлөттөрөллөр уонна “горячкалыыллар”. Пиибэ ылларыытыттан тахсыы син биир арыгыттан эмтэнии курдук барар.
Ол да буоллар маннык дьылҕалаах дьону өрө тардар, эмтиир-томтуур анал наркологическай диспансер баара санааны көтөҕөр. Ол аата бүдүрүйбүт көнүөн сөп буоллаҕа.
Надежда Хоютанова, наркологическай диспансер психиатр-нарколога:
– Манна поликлиника иһинэн 10 миэстэлээх күнүскү стационар үлэлиир. Бу 10 куойкаҕа бүгүн 20 киһи сытарыттан сэттэтэ дьахтар. Бу сытан эмтэнэллэр, анаалыс туттараллар, 5-21 хонук эмтэнэллэр. Оттон 20-чэ хонуктаах амбулаторнай реабилитация барар, дьэ манна кинилэри кытта килиниичэскэй психолог үлэлиир. Бу киһи кыһалҕатын төрдө туох буоларын билэн, дириҥэтэн эмтээһин барар. Быһаарыы, өйдөтүү, кэпсэтии үлэтэ саҕаланар, хайдах тутта-хапта сылдьарыгар тиийэ ырытыһабыт. Миэхэ биир ыйга киирэр дьонтон 25-30 %-на дьахтар, бары кэриэтэ пиибэҕэ ылларбыт буолаллар. Биһиги дьону кытта когнитивнай-поведенческай психотерапиянан үлэлиибит. Кэнники кэмҥэ бу ньыма киэҥник туттуллар.
Ыалга биир да киһи иһэр буоллаҕына, бу ыал олоҕор доруобай эйгэ суох. Дьахтар иһэр буоллаҕына, өссө ыарахан. Арыгы хаан биохимиятын уларыппытын кэннэ, ол аны киһи ньиэрбинэй систиэмэтин уларытар. Мэйиигэр хатанан баран олорор, ону сотторор ньыма суох, баара буоллар наһаа үчүгэй буолуо этэ. Бу наһаа уустук химическэй дьайыы буолан, ханнык да табылыакка тута умуннарар гына көмөлөспөт. Киһи бэйэтэ эрэ кыайыан сөп, дьэ онно саамай улахан оруолу психолог уонна нарколог көмөлөрө ылар. Арыгытын быраҕарга санаммыт киһиэхэ дууһатыгар кинини үөрдэр дьарык, туох эрэ сыал-сорук баар буолуон наада. Арыгы туһунан санаабакка, кырата 2-3 сыл этигэр-хааныгар тохтобул биэрдэҕинэ, чөлгө түһүү саҕаланар. Оччоҕо арыгы иһэр баҕата тохтуур, истэҕинэ да “бытыга умайбат” буолар. Онон кэмиттэн кэмигэр психологтыын кэпсэтэ сылдьыан наада, когнитивнай ньыма диэн бу буолар. Билиинэн бөҕөргөтүммүт киһи харысхаллаах курдук сананар. Билигин истэхпинэ, бу арыгым дьайыыта уруккубунааҕар атын буолуоҕа диэн өйдүөхтээх. Анаалыстарын көрдөрөн олорон, туга уларыйан, мөлтөөн эбэтэр тупсан эрэрин кэпсиибин. Оччоҕо толкуйдаан киирэн бараллар. Биһиги киһини толкуйдатыыга тиэрдибит буоллахпытына, ол – улахан ситиһии. Ол сылдьан атын интэриэс көстөр, холобур, ыал буолар, ол аата арыгыны баһыйар сыаннастар көстөн кэлэллэр.
Итинник, өйдөрүн тутан, арыгыларын бырахпыт, олохторун тосту уларыппыт, өссө быдан ситиһиилэммит дьон элбэх. Хас биирдии бырахпыт киһи: “Мин бэйэм бырахпытым”, – диир. Кимиэхэ да махтаммат. Мин итиннэ сөбүлэһэбин, тоҕо диэтэххэ, бастатан туран, быраҕыам этэ диэн кини бэйэтэ ылыммыт санаата, талбыт олоҕо буоллаҕа дии. Биһиги киниэхэ олоҕу атын хараҕынан көрөрүгэр кыах эрэ биэрэбит.
Ортотунан, 0,5 л биир бытыылка 70 кг ыйааһыннаах киһиэхэ 24 чаас сылдьар, ол аата, 1 чаас иһигэр 20 миллилитр 40 %-наах арыгы суураллар.
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…
Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…