Бү өрөбүллэргэ сылыйыаҕа
Бу күннэргэ сис былыт кэлэн, таһырдьа сылыйда, хаардаата. Бу нэдиэлэ өрөбүллэригэр -10 кыраадыска диэри сылыйыаҕа диэн Дьокуускайдааҕы гидрометеокиин иһитиннэрэр.
Хотуттан сис былыт кэлэн, хаардыы турар. Сэтинньи 9 күнүгэр хотугулуу-арҕаа, сэтинньи 10, 11 күннэригэр арҕааҥҥы, соҕуруулуу-арҕааҥҥы улуустарга тиийиэҕэ. Хаардыыр кэмигэр -10 кыраадыска диэри сылыйыаҕа.
Гидрометеокиин иһитиннэрбитинэн, сэтинньи 14 күнүттэн, оптуорунньуктан, сэтинньи ый -20-30 кыраадыстаах тымныылара саҕаланыахтара. Оттон күнү-дьылы билгэлиир саайтары көрдөххө, бу өрөбүллэргэ сылыйар, онтон кэлэр нэдиэлэҕэ күннэнэн, -20 кыраадыска диэри тымныйан баран, кэлэр өрөбүллэргэ эмиэ -10-13 кыраадыска диэри сылыйар диэн көрдөрөллөр. Уопсайынан, быйыл сэтинньи урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ, сылаас, улахан тумана суох буолара сабаҕаланар. Ый иккис аҥаарыгар муҥутаан -25-30 кыраадыс тымныйыаҕа.
Геомагнитнай балаһыанньа туһунан эттэххэ, бу ааспыт күннэргэ магнитнай буурҕалар түһэн, дьүкээбиллэр суһумнаан ылбыттара. Бу күннэргэ улахан магнитнай буурҕа суох. Сэтинньи 13-14-15 күннэригэр 3 бааллаах мөлтөх геомагнитнай буурҕа түһүөҕэ. Атын күннэргэ — 2 бааллаах. Санатар буоллахха, 5-6 бааллаах буоллаҕына, күүстээх магнитнай буурҕа дэнэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: