Бүгүн мин эһиэхэ эдэр сааспыт доҕорун, Сэргэлээххэ Саха судаарыстыбаннай университетыгар (СГУ) биир кэмҥэ үөрэммит, университет көбүөрүгэр бииргэ эрчиллибит, бииргэ СГУ чиэһин элбэхтэ көмүскээн тустубут, устудьуоннар этэрээттэригэр бииргэ үлэлээн сылдьыбыт, убайым кэриэтэ истиҥник саныыр киһибин Бүөтүр Лазарев туһунан сиһилии кэпсиэхпин, кини олоҕун бар дьоҥҥо билиһиннэрэн сырдатыахпын баҕарабын.
Пётр Васильевич Лазарев 1951 сыллаахха от ыйын 28 күнүгэр күн сирин кыыс Амма кэрэ айылҕалаах сиригэр көрбүтэ. Ааспыт сайын бу кэмҥэ биһиги убайбыт 70 саастаах үбүлүөйүн чугас дьоно уонна табаарыстара мустан, “ньиргиччи” бэлиэтээн турабыт. Ол курдук, доҕорбут туһунан кини чугас дьонуттан ахтыы хомуйан бэртээхэй ис хоһоонноох, үйэ саас тухары өйдөбүнньук буолар киинэ оҥорон таһаарбыппыт уонна төһө да бу ыарыы туран (пандемия) хааччахтаах кэмэ да буоллар, биһиги убайбытын бар дьон көрүүтүгэр уонна истиитигэр НВК “Тэтим” араадьыйа устуудьуйатыгар ыҥыран аҕалан биэрии оҥорбуппут. Бу биэриибит Саха сирин олохтоохторун ортотугар элбэх киһи биһирэбилин ылбыт этэ.
Табаарыспыт Бүөккэ оҕо сааһа кырдьык олус кытаанах уонна түбүктээх кэмҥэ ааспыта. Төрөппүт аҕата кинилэртэн эрдэ баран, кини хара үлэни олох кыра эрдэҕиттэн билэн мускуллан иитиллибитэ, ийэтигэр улахан көмө киһи буолан улааппыта.
Ити сылдьан олох кыра оҕо эрдэҕиттэн акка баҕалаах буолан, Дьөһөгөй оҕотугар сыстан барбыта. Кини эһэтэ Артемьев Василий Романович сылгыһыт уонна сылгы тойоно буолан, Бүөккэ кыра эрдэҕиттэн эһэтигэр сайылыы тиийэн, ымсыыран туран сыбыдах ат миинэн хаамтарарын сөбүлүүрэ.
1965 сыллаахха кини таайа Артемьев Прокопий Романович, Амма сопхуос управляющайа, Чурапчыттан Никифоров Николай Фадеевич диэн 45 саастаах ат баайар (тириэнэр) киһини Аммаҕа сүүрүк аттарын эрчийтэрээри көһөрөн аҕалан, дьиэлээн-уоттаан олордубута. Инньэ гынан 1966 сыллаахтан Аммаҕа сүүрүк аттары талан ылан эрчийии уонна дьиҥнээхтик ат баайыыта күүскэ саҕаламмыта.
Бүөккэ 1968 оскуоланы бүтэрбитэ уонна икки сыл сылгыһытынан, ипподромҥа ат баайааччынан үлэлээбитэ. 1970 сыллаахха саас аармыйаҕа барыахтаах этэ, ону В.И. Ленин 100 сылыгар аналлаах улахан өрөспүүбүлүкэтээҕи ат сүүрдүүтэ буолар буолан, Амма ат сүүрдээччилэрин хамаандатын көрдьөһүүтүнэн уонна Амма райкомун быһаарыытынан, уолга биир сыл аармыйаттан босхолонор көҥүлү ылбыттара. Ити сыл Амма аттара күүскэ сүүрбүттэрэ, араас күрэхтэһиилэргэ кыттыбыттара.
Ити кэмтэн ыла Бүөтүр Лазарев аттары бэйэтэ эрчийэр, аттары бэйэтэ баайталыыр тириэнэр буола үүммүтэ.
Аны туран уолбут аармыйаттан кэлэн баран, үөрэххэ туттарса киирбитэ эмиэ бэйэтэ туспа кэпсээн буолар. Ол курдук, кини олох эдэр сааһыттан, милииссийэ уонна КГБ үлэһитэ буолуон баҕарар эбит этэ. Ол иһин, бу баҕа санаатын толороору, ити ыйыллыбыт тэрилтэлэргэ тиийэ сылдьыбытын, КГБ үлэһитэ буолуоххун баҕарар буоллаххына, хайаан да омук тылын үчүгэйдик билиэхтээххин диэн сүбэ биэрэннэр, кини онтон сылтаан СГУ омук тылын үөрэҕэр туттарсан, ньиэмэс тылын салаатыгар үөрэнэ киирэр уонна бу үөрэҕин 1979 сыллаахха ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэр. Ол да буоллар, КГБ-лар уолбутун аны хоммуньуус баартыайат суох эбиккин диэн эмиэ үлэҕэ ылбаттар.
Доҕорбут Бүөтүр хайдах ыал буолбутай?
Манна даҕатан суруйдахха, биһиги СГУ физмат факультеппытыгар, ити кэмҥэ олорор 13-с уопсайбыт синньигэс көрүдүөрүгэр уҥуохтарынан баппат уһун көнө уҥуохтаах, волейбол, баскетбол оонньуур дыраҥнаспыт кыргыттардаах этибит: Троева Марианна, Крылова Даша, Васильева Наташа… Кинилэр ортолоругар эдьиийбит кэриэтэ саныыр Анна Корякина диэн уһун көнө уҥуохтаах, олус кыраһыабай тас көрүҥнээх, киһи хараҕа хатанар, Үөһээ Бүлүү кыыһа баар этэ. Бииргэ үөрэнэр уолаттара Аанчыгы таптаан “Тугутчаан” диэн ааттыыллара. Ийэтэ Мария Ивановна соҕотох ийэ да буолар, кыыһын Аанчыгы олоххо бэлэмнээн сахалыы олус бэркэ ииппит этэ. Аанчык сэмэй, көнө майгылаах, олус чиэһинэй, олоххо олус тардыһыылаах кыыс этэ.
Дьылха-хаан ыйааҕынан бу икки уоллаах кыыһы Сэргэлээх иккитэ 13 нүөмэрдээх уопсайа уруок ааҕар хоско билиһиннэрбитэ. Ол саҕана Бүөккэ уолбут омук тылын факультетын иккис кууруһун устудьуона, Аанчык анныкы куурус этэ. Арай биир үтүө күн уруок ааҕар хоско икки кыыс омук тылын хаһыатын тылбаастаан “муҥнана” олороллоругар уол түбэһэ киирэн кэлбит уонна омук тылын баһылаабыт киһи быһыытынан, кыргыттарга бэйэтин көмөтүн биллэрбит, кыргыттар үөрүүнү кытта сөбүлэспиттэр. Уол итинник тылбаастаан кыргыттарга хаста да көмө оҥорбут.
Биһиги уолбут баҕарбыт санаатын ситиһэн, сөбүлүүр кыыһын Аанчыгын кэргэн ылан ыал буолаллар. Куоракка 1977 сыллаахха кыһын олунньу ыйга Сайсар остолобуойугар устудьуоннар сыбаайбаларын оҥорон ньиргитэллэр. Бу сыбаайбаҕа СГУ тустууга хамаандатын элбэх уолаттара урууга ыҥырыллан сылдьыбыттара. Эдэр ыал Сайсарга дьиэ куортамнаан бииргэ олорон иккиэн үөрэхтэрин салгыыллар.
Уоллаах кыыс үөрэхтэрин бүтэрэн, дойдуларыгар Аммаҕа кэлэн үлэлэрин саҕалыыллар, быр-бааччы ыал буолан олороллор…
Биһиги доҕорбут Пётр Васильевич көнө санаалаах, олус сэмэй уонна чиэһинэй, куруук бэрээдэги сөбүлүүр, ылсыбыт дьыалатын уонна үлэтин барытын тиһэҕэр тиэрдэр идэлээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ сымнаҕас сыһыаннаах, чугас дьонугар олус бэриниилээх, дьиэ кэргэттэригэр эппиэттээх сыһыаннаах, кыһамньылаах табаарыс уонна эрэллээх доҕор буолар. Биһиги кини аттыгар баарбытыттан астынабыт уонна дьоллооҕунан ааҕынабыт.
Кини үс оҕо эрэллээх аҕата, түөрт сиэн тапталлаах эһээтэ буолар.
Улахан уола Ньургун Лазарев — физико-математическай наука доктора, ХИФУ учуутала. Кэнники бириэмэҕэ саха итэҕэлинэн күүскэ дьарыктана сылдьар, хас да үлэтин бэчээккэ суруйан таһаартарбыта. Кэргэннээх, икки оҕолоох.
Иккис уола Айаал Лазарев – биллэр тустуук, сахалары улахан ыйааһыҥҥа аан дойдуга ааттапппыт, бу ыйааһыҥҥа аатырбыт улахан тустууктары барыларын кытта тустубут, бэйэтин аатын ааттапппыт, бэйэтин кыаҕынан толору тустубут уолбут буолар, икки олимпиада кыттыылааҕа, эдэр сылдьан устудьуоннар ортолоругар Арассыыйа чөмпүйүөнэ, Киргизия сэттэ төгүллээх, Азия чөмпүйүөнэ уонна Азия үрүҥ көмүс призёра, үс төгүллээх боруонса призёра, аан дойду кубогар биирдиилээн киирсии үһүс призёра. Бу күрэхтэһии аан дойду чемпионатыгар тэҥҥээх этэ.
Кыыһа Аня оскуоланы уонна университеты кыһыл дипломнаах бүтэрбитэ, юрист үөрэхтээх, полиция майора, тапталлаах ыал икки оҕо ийэтэ.
Пётр Васильевич Лазарев – отставкаҕа тахсыбыт ИДьМ полковнига, РФ ИДьМ бочуоттаах үлэһитэ, РФ бойобуой дьайыы бэтэрээнэ, анал оружие уонна бырабыыталыстыба мэтээллэрин, “Гражданская доблесть” бэлиэ хаһаайына, федеральнай судьуйа, Саха сирин үтүөлээх юриһа, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо буолар.
Ити курдук, биһиги доҕорбут Пётр Васильевич Лазарев билигин оҕолорун уонна сиэннэрин тапталларынан угуттанан, Хатас сэлиэнньэтигэр бэйэтэ быр-бааччы сылаас дьиэлээх дьоллоохтук олорор.
(сиһилии «Саха сирэ» хаһыат 17.11.22 нүөмэригэр ааҕыҥ)
Дмитрий ЕГОРОВ
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…