Бүгүн 10 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа
01.10.2025, 07:00

ЯСИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Бүгүн, алтынньы 1 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ, тыалырара уонна -10 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.
Өрөспүүбүлүкэ үгүс өттүгэр кыралаан хаардыаҕа, күнүс киин, соҕуруу, арҕаа улуустарга сөҥүү түспэт.
Хотугулуу-илин улуустарга хаардыаҕа, Халыма-Индигиир улуустарыгар хойуу хаар түһэрэ сабаҕаланар диэн суруйаллар.
Сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Күнүс -3,+2°, соҕуруулуу-арҕаа +2+7°, хоту -5-10°.
Дьокуускайга кыралаан хаардыаҕа, күнүс сөҥүү түһүө суоҕа, суол халтараан, сөкүүндэҕэ 3-8 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах. Күнүс салгын температурата 0, -2 кыраадыска тэҥнэһэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: