Салгыы
Бүгүн +34°С кыраадыска диэри итийиэ

Бүгүн +34°С кыраадыска диэри итийиэ

Ааптар:
03.07.2024, 07:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Саха сирин үгүс өттүгэр быстах ардахтаах, сорох сиринэн этиҥнээх ардах түһүөҕэ диэн күнү-дьылы кэтээн көрөччүлэр билгэлииллэр.

Арҕаа, хотугулуу-арҕаа, киин улуустарга сөҥүүтэ суох, Өлүөнэ өрүс алын тардыытынан уонна Үөһээ Халымаҕа быстах ардахтаах, сорох кэмигэр этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр.

Арктика улуустарынан кыралаан ардыыр. Өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуоннарынан сөкүүндэҕэ 9-14 м/с түргэннээх күүстээх тыаллаах, этиҥнээх ардах кэмигэр сөкүүндэҕэ 15-20 м/с түргэннээх тыалырыа.

Салгын температурата түүн +8+13°С, арҕаа, соҕуруу, киин улуустарга +15+20°, хотугулуу-илин, хоту +4+9°, күнүс +27+32°С, соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу +34°С кыраадыска диэри итийиэ, хотугулуу-илин ардах түстэҕинэ +17+22°С, хоту +10+15°С кыраадыс сылаас.

Дьокуускайга быстах ардах түһэрэ күүтүллэр, сөкүүндэҕэ 3-5 м/с түргэннээх тыаллаах. Салгын температурата түүн +8+15°С, күнүс +25+29°С кыраадыс итии.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
7 июля
  • 24°C
  • Ощущается: 24°Влажность: 41% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: