Бүгүн 9-с кылаас үөрэнээччилэрэ бастакы эксээмэннэрин туттардылар
Тохсус кылаас үөрэнээччилэригэр сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэн саҕаланна. Барыта 14 108 оҕо кыттар. Бүгүн физика, устуоруйа, биология биридимиэттэрин туттардылар.
Саха сиригэр сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэни ыытарга барыта 314 пууну бэлэмнээбиттэр, итинтэн 16 пуун оһуобай усулуобуйалаах (УФСИН – 2, дьиэҕэ — 14). Уопсайа, 14 108 оҕо туттарар, итинтэн 990 оҕо доруобуйатынан хааччахтаах.
Өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх хааачыстыбатын кэтээн көрөр киин дириэктэрэ Надежда Попова иһитиннэрбитинэн, математика уонна нуучча тыла булгуччулаах биридимиэтинэн буолаллар. Ону таһынан өссө икки биридимиэти талан туттараллар. Аттестат ыларга түөрт биридимиэккэ сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэни ситиһиилээхтик туттарбыт буолуохтаахтар.
Оҕолор маннык биридимиэттэри талбыттар:
Обществознание – 6392 оҕо (45,3%)
Информатика уонна ИКТ – 6248 оҕо (44,3 %)
География – 3771 оҕо (26,7%)
Биология – 3333 оҕо (23,6%)
Физика – 1536 оҕо (10,9%)
Химия – 1149 оҕо (8,1%)
Аангылыйа тыла – 1074 оҕо (7,6%)
Устуоруйа – 835 оҕо (5,9%)
Литэрэтиирэ – 512 оҕо (3,6%)
Француз тыла – 1 оҕо (0,0%).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: