Бүгүн аатырбыт снайпер И.Н.Кульбертинов төрөөбүтэ 105 сыла

Share

Бүгүн Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, бэргэн снайпер И.Н.Кульбертинов төрөөбүтэ 105 сыла. Иван Николаевич 1917 сыллаахха сэтинньи 7 күнүгэр Өлүөхүмэ улууһун Тээнэ сэлиэнньэтигэр булчут, табаһыт дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.

Аармыйаҕа ыҥырыллыар диэри “Саҥа олох” холкуоска үлэлээбитэ. Кыһыл Аармыйаҕа 1942 сыллаахха бэс ыйын 12 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Уралга байыаннай бэлэмнэниини ааспыта. Снайпер быһыытынан оруолун 1943 сыллаахха олунньу 27 күнүгэр Старай Русса анныгар саҕалаабыта. Москва аннынан сэриилэспитэ, Орелу, Курскайы, Киевы босхолоспута, Хотугулуу-Арҕаа, Киин, 1-кы Украинскай фроннарга сэриилэспитэ. Уопсайа, 30-тан тахса эдэр саллааты снайпер кистэлэҥэр уһуйбута, 500-чэкэ өстөөҕү суох гыммыта. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа аакка иккитэ түһэрбиттэрэ эрээри, күн бүгүҥҥэ диэри үрдүк аата ааттана илик.

1946 сыллаахха сэрииттэн кэлэн баран дойдутугар, Тээнэҕэ кадровай булчутунан, табаһытынан үлэлээбитэ.

1993 сыллаахха олунньу 13 күнүгэр олохтон барбыта. Төрөөбүт дойдутугар – Өлүөхүмэ улууһун Тээнэ сэлиэнньэтигэр көмүллүбүтэ.

Иван Николаевич Кульбертинов туһунан, киниэхэ сыһыаннаах хаһыаппытыгар тахсыбыт ыстатыйалары манна, ыйыллыбыт  сигэнэн ааҕыаххытын сөп:

Снайпер Кульбертинов, 15.11.2017, ааптар Людмила Попова

Снайпер Иван Кульбертинов кэпсээнинэн уруһуйдаммыт альбом, 25.03.2020, ааптар Людмила Попова.

Хаартыска: https://russian7.ru/post/snayper-ivan-kulbertinov-pochemu-nem/

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

3 часа ago