Бүгүн аатырбыт тустуук Роман Дмитриев төрөөбүт күнэ

Share

Бүгүн, номоххо киирбит, аатырбыт спортсмен, 1972 сыллааҕы Мюнхеннааҕы Олимпиадаҕа көҥүл тустууга чөмпүйүөннээбит, 1976 сыллаахха Монреалга Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердара буолбут, аан дойду уонна Европа чөмпүйүөнэ, ССРС алта төгүллээх кыайыылааҕа Роман Дмитриев баара буоллар 75 сааһын туолуо этэ.

Роман Михайлович Дмитриев 1949 с. кулун тутар 7 күнүгэр Эдьигээн оройуонун Бэстээх сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Көҥүл тустуунан 13 сааһыттан дьарыктанан барбыта. 17 сааһыгар Саха сирин норуоттарын спартакиадаларыгар улаатан эрэр уолаттарга чөмпүйүөннээбитэ, оттон 18 сааһыгар – ССРС үөрэнээччилэрин спартакиадатыгар чөмпүйүөннээбитэ.

1968 с. Роман Дмитриев 19 сааһыгар ССРС ыччатын күрэхтэһиитигэр эрэллээхтик бастаан, дойду сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирбитэ.

Роман Дмитриев эдэр сааһыттан бэйэтин сипит-хоппут, ураты тиэхиньикэлээх тустуук быһыытынан көрдөрбүтэ.

ССРС, РСФСР уонна Грузия үтүөлээх тириэньэрэ Дмитрий Миндиашиашвили Роман Дмитриев дьиҥнээх чөмпүйүөн буолар хаачыстыбалааҕын – дьикти тулуурдааҕын уонна дьулуурдааҕын сөҕө-махтайа бэлиэтээбитэ.

Роман Михайлович 1969 с. 48 кг диэри ыйааһын категорията киириэҕиттэн кыайыыга суола арыллыбыта. Ол сыл кини ССРС уонна Европа чөмпүйэнээттэригэр, оттон салгыы Тбилиси аан дойдутааҕы турнирыгар кыайбыта.

Роман Дмитриев сулустаах чааһынан 1972 с. ыытыллыбыт Мюнхеннааҕы Олимпиада буолбута. Кини 48 кг диэри ыйааһыҥҥа Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар аан бастаан кыһыл көмүһү аҕалбыта.
1973 с. Роман Дмитриев ССРС чөмпүйэнээтигэр кыайан Аан дойду кубогын хаһаайынынан буолар. Ол сыл кини Тегераҥҥа ыытыллыбыт аан дойду чөмпүйэнээтигэр кыайыыны ситиһэр.

1976 с. ССРС чөмпүйэнээтигэр уонна Тбилисиитээҕи аан дойдутааҕы турнирга кыайан Олимпиадаҕа кыттар кыахтанар. Монреаллааҕы Олимпиадаҕа Роман Дмитриев үрүҥ көмүс мэтээли ылары ситиспитэ.

Роман Дмитриев спортивнай карьератын 1981 с. тохтоппута. Ол кэнниттэн ССРС сүүмэрдэммит хамаандатын тириэнэрдэрин ыстаабыгар киирэн эдэр спортсменнары дьарыктаабыта, Арассыыйа спортивнай тустууга федерациятыгар үлэлээбитэ. Роман Михайлович олоҕун тиһэх сылларыгар РФ Федеральнай Мунньаҕар Саха сирин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбитэ.

Роман Дмитриев уһулуччулаах спортивнай ситиһиилэрин иһин «Знак Почета», «Полярная Звезда» уордьаннарынан, «За трудовую доблесть», «За воинскую доблесть» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта, Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданина буолбута.

Роман Михайлович Дмитриев 2010 с. олунньу 11 күнүгэр 60 сааһыгар күн сириттэн барбыта.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропуордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

6 минут ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

37 минут ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

51 минута ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Креативка киирии: АЛРОСА оҕо айар дьоҕурун өйүүр

АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөл харыйата Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттар

Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…

1 час ago