Бүгүн — Алампа төрөөбүт күнэ

Share

Бүгүн улуу поэт, драматург, Анемподист Иванович Софронов-Алампа төрөөбүт күнэ.

Анемподист Cофронов — Алампа — саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, талааннаах драматург, кини драмалара Саха тыйаатыра олохтоноругар улахан төһүү буолбуттара. «Манчаары» диэн ааттаах саха бастакы хаһыатын бастакы эрэдээктэрэ. «Чолбон» сурунаал уонна Саха тыйаатырын бастакы салайааччыта.

Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр,
Маҥан туллук эрэ далластыыр,
Ыраастыыра эрэ мөлбөрдүүр,
Доҕойумалыыр эрэ доҕоруом!
Ылбаҕайдыыр эрэ чыычааҕыам,
Туллуктуур эрэ доҕоруом,
Туохха баҕас эрэ туора көрөн,
Туоххаһыйар эрэ буоллуҥ дуо!?
Туналыйар эрэ ньуурдааҕыам,
Туттаҕардыыр эрэ бэйэлээҕиэм,
Кыталыктыыр эрэ кыылларга
Кытарахтыы эрэ саныыбын!
Күлүмүрдэс эрэ дьүһүҥҥүн,
Күлүмнээн эрэ көрөргүн
Күннээҕэр эрэ күндүтүк
Көрөбүн эрэ, көмүһүөм!
Томтоҕоркоон эрэ түөстэргин
Толорутук эрэ кутуллубут
Чороонноох эрэ кымыска
Доҕуйабын эрэ, доҕоруом!
Сайаҕастай эрэ санааҕын
Санаабынан эрэ салгытар
Санаакыйам эрэ суохуйа,
Саргылаах эрэ саһарҕаам!

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга сэттэ киһини клещ ытырбыта бэлиэтэннэ

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга клещ 7 киһини ытырбыта бэлиэтэннэ. Бу туһунан бүгүн, бэс ыйын 16 күнүгэр,…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Түөрт үөрэнээччи нуучча тылыгар 100 баалы ылла

Саха сирин түөрт үөрэнээччитэ нуучча тылын эксээмэнигэр 100 баалы ылла. Кинилэр ханнык оскуолаҕа үөрэнэллэрий? Быйыл…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үлэтэ суохтар АЛРОСА Корпоративнай университетыгар босхо үөрэнэллэр

АЛРОСА Корпоративнай университета 2024 сыллаахха Саха сирин үлэтэ суох дьонун алмааһы хостуур хампаанньаҕа үлэҕэ ылар…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сэһэн Ардьакыапка пааматынньык туруорулунна

Уус Алдан улууһугар Бороҕон нэһилиэгэр умнуллубат бэлиэ тэрээһин үрдүк тэрээһиннээхтик  буолан ааста. Ол курдук, саха…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Үп-харчы гороскоба: бу нэдиэлэ үп-харчы өртүнэн тугу тосхойор эбитий?

Бу нэдиэлэҕэ эһигини үп-харчы өртүнэн туох күүтэрий? Ким эрэ бу нэдиэлэҕэ тапталга табыллыа, онтон кимиэхэ…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Абыралга» хантараагынан сулууспалыы барыан баҕарааччылары күүтэллэр

[gallery ids="49310,49308,49307,49309"]

2 часа ago