Бүгүн “Аляска-Сибиир”  (АлСиб) салгын трассата аһыллыбыта 80 сыла

Бүгүн “Аляска-Сибиир”  (АлСиб) салгын трассата аһыллыбыта 80 сыла

16.11.2022, 19:22
Бөлөххө киир:

Бүгүн, сэтинньи 16 күнүгэр, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр “Аляска-Сибиир”  (АлСиб) салгын трассата аһыллыбыта 80 сылын туолла.

1942 сылллаахха сэтинньи 16 күнүгэр Красноярскай куоракка АлСиб салгын трассатын устун көтүөхтээх АХШ бастакы байыаннай сөмөлүөттэрин бөлөҕө кэлэн түспүтэ. ССРС уонна АХШ байыаннай сөмөлүөттэринэн өйөбүл туһунан Сөбүлэҥи 1941 сыллаахха түһэрсибиттэрэ. Салгын трассата 1942 сыл алтынньы ыйыгар үлэлииргэ бэлэм буолбута.

Байыаннай сөмөлүөттэри Саха сиригэр аан бастакынан Өймөкөөн аэродрома түһэрэр буолбута. Тымныы полюһун чысхаан тымныытын тулуйбакка, Өймөкөөн хайаларыгар үгүс байыаннай сөмөлүөт саахаламмыта. Тоҕус ый устата тутуллубут  “Аляска-Сибиир”  (АлСиб) салгын трассата 1942 сылтан 1945 сылга диэри үлэлээбитэ. Байыаннай сөмөлүөттэри Дьокуускай, Красноярскай, Киренскэй, Чукоткаҕа Уэлькаль уонна Марково, Магадааҥҥа Сеймчан аэропортара көрсөллөрө. Саха сиригэр саппаас аэродромнар эбии Өлүөхүмэҕэ, Витимҥэ, Тёплай Ключка, Өймөкөөҥҥө, Омолооҥҥо, Зырянкаҕа тутуллубуттара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: