Бүгүн — Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 119 сыла

Бүгүн — Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 119 сыла

Ааптар:
06.01.2025, 08:00
Хаартыска: Сахапарламент сайтан
Бөлөххө киир:

Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 119 сыла.

Саха норуодунай суруйааччыта Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа 1906 сыллаахха тохсунньу 6 күнүгэр Боотур Уус улууһугар (Таатта) дьадаҥы Дьөгүөрдээн Мординов (Мундунов) ыалыгар төрөөбүтэ. 1928 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай тиэхиньикуму бүтэрбитэ.

1931 сыллаахха Иккис Москватааҕы судаарыстыбаннай университет тыл уонна литература салаатын бүтэрбитэ.«Кэскил» уонна «Юность Севера» өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыаттар эрэдээксийэлэригэр олус уһуннук, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 1934 сылтан ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. Н.Е. Мординов ССРС Суруйааччыларын сийиэһин дэлэгээтэ этэ. ССРС Үрдүкү Сэбиэтин 7-с ыҥырыылаах, РСФСР 4- с ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талыллыбыта.  1994 сыл сэтинньи 14 күнүгэр олохтон туораабыта.

Амма Аччыгыйа төрөөбүт литературатын бары жанрдарыгар талааннаахтык үлэлээбитэ, биллэрдик байыппыта. Кини кэпсээннэрэ, ахтыылара сыллар аастахтарын аайы өссө киэҥ, дириҥ номохтоох, минньигэс тыллаах-өстөөх буолан иһэллэр.

«Сааскы кэм» — суруйааччы бэйэтин эрэ чулуу айымньыта буолбатах, бу роман бүтүн саха литературатын, түүрк тыллаах омуктар литератураларын бүтүннүүлэрин чаҕылхай ситиһиилэрэ. Саха тылын уйулуччулаах маастара итини таһынан улуу Толстой «Анна Каренина», «Тиллии» диэн романнарын, «Сэрии уонна эйэ» диэн суду эпопеятын, М.Шолохов «Чуумпу Донун» сахалыы саҥардыбыта.

+1
11
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 января
  • -33°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 68% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: