Бүгүн Анастасия Сыромятникова төрөөбүтэ 110 сыла

Share

Бүгүн саха дьахталларыттан биир бастакы суруйааччы Анастасия Саввична Сыромятникова төрөөбүтэ 110 сыла.

Анастасия Сыромятникова — РСФСР уонна САССР  култууратын үтүөлээх үлэһитэ, 1957 сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, 1941 сылтан ССКП чилиэнэ.

Кини 1915 сыл тохсунньу 24 күнүгэр Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Кириэс Халдьаайы оскуолатын бүтэрэн баран, баартыйа уобаластааҕы оскуолатын, онтон 1961 с. А.М.Горькай аатынан Литература институтун иһинэн литература үрдүкү кууруһун бүтэрбитэ.

Бастакы кэпсээннэрин уонна очеркаларын 1938 сыллаахха суруйбута. 1930-1940 сылларга «Колхознай тутуу кыыhа», «Эдэр бассабыык» «Айан» кэпсээннэрэ “Эдэр бассабыык” хаһыакка, “Хотугу сулус” сурунаалга бэчээттэммиттэрэ.  “Хопто” уонна “Кыһыл балык” хомуурунньуктара  оҕолорго анаммыта.

Анастасия Сыромятникова айар үлэтигэр  сүрүн тиэмэнэн оҕо аймах, саха дьахтарын  урукку уонна бэйэтин олорор кэмигэр дьылҕалара буолбута. Өр сылларга суруналыыс уонна суруйааччы үлэтин сэргэ, кинигэ кыһатын эрэдээктэринэн, “Эдэр коммунист” хаһыат отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

1961 с. саха ыччатын  бырамыысыланнаска тардыһыытын туһунан “Дьүөгэлиилэр”диэн сэһэнэ тахсыбыта. Суруйааччы биир саамай улахан айымньыта – “Кыыс Хотун” арамаана 1970-73 сылларга күн сирин көрбүтэ. Манна олох саҥалыы уларыйыытыгар  бэйэтин миэстэтин буларга дьулуһар Ньургууна Таскина дьылҕата кэпсэнэр. Арамаан нууччалыы тылбааһа “Современник”  издательствоҕа бэчээттэммитэ.

Анастасия Сыромятникова кэнники сылларга трилогия арамааҥҥа үлэлээбитэ. 1995 с. “Бичик” кинигэ кыһатыгар трилогиятын бастакы кинигэтэ –  “Күөх дуолум барахсан” бэчээттэммитэ. Хомойуох иһин, салгыыта кыайан түмүктэммэтэҕэ. Суруйааччы публицистикаҕа уонна уопсастыбаннай үлэҕэ элбэх сыратын биэрбитэ. “Эдэр коммунист” хаһыат иһинэн саҥа саҕалыыр суруйааччыларга “Хомус” литература түмсүүтүн тэрийбитэ. Манна  Вениамин Миронов, Альберт Бүлүүйүскэй, Валентина Гаврильева, Варвара Потапова, Василий Дедюкин, Николай Винокуров-Урсун уо.д.а. кэлин биллэр суруйааччы буолбут айар дьон дьарыктаммыттара. Онон кини литература сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбитэ.

Анастасия Сыромятникова 1997 сыл атырдьах ыйын 16 күнүгэр өлбүтэ.

СӨ бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров 2005 сыллааҕы Ыйааҕынан, суруйааччы аата Томпо улууһун “Арыы толоон сүрүн оскуолата” үөрэх тэрилтэтигэр иҥэриллибитэ, Томпо улууһун бочуоттаах гражданинын аата иҥэриллибитэ, айымньылара саха литературатын учебниктарыгар киллэриллибиттэрэ. Төрөөбүтэ 100 сылыгар (2015 сыллаахха) Кириэс Халдьаайы сэлиэнньэтигэр боруонса бюст туруоруллубута.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 53 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр

Бүгүн, тохсунньу 25 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 53 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр диэн УГМС…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ярыгин Кубога: биир үрүҥ көмүс, икки боруонса

Тохсунньу 23-26 күннэригэр Красноярскайга  үгэскэ кубулуйбут норуоттар икки ардыларынааҕы көҥүл тустууга Иван Ярыгин Кубога буола…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

М.З.Мартынов — Бөөдөс уолун «Уол Дуолан Бухатыыр» олоҥхотун кутаналар киэн тутта көрдүбүт

«Уол Дуолан бухатыыр» олоҥхо ааптара Митрофан Захарович Мартынов-Бөөдөс уола Кутанаттан төрүттээх олоҥхоһут. Митрофан Мартынов Сунтаар…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эргиччи талааннаах Василиса Винокурова

Саха сирин үтүөлээх этээччитэ Василиса Васильевна Винокурова тохсунньу 22 күнүгэр 85 сааһын туолла. Аҕа саастаах…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Ыйыт-хоруйдуубут: Толуйуу ханнык кэмҥэ бэриллэрий?

Ыйытыы:  Дьиэ-уот уонна хапытаалынай усунуос төлөбүрдэригэр байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр толуйуу көрүллэр дииллэр. Ол…

12 часов ago
  • Сонуннар

Олохтоох маршруттарга 1,2 млрд солк. көрүллүөҕэ

Олохтоох маршруттарынан айан иһин 2025 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөт туһунан сокуону чуолкайдааһыҥҥа көрүөхтэрэ. Маннык сорудаҕы Саха…

13 часов ago