Сиэрпэлээх өтүйэ ойуулаах уот кыһыл былааҕы солбуйан, Арассыыйа үс (үрүҥ, халлаан күөҕэ уонна кыһыл) өҥнөөх былааҕа 1991 сыллаахха атырдьах ыйын 22 күнүгэр Москваҕа, Үрүҥ Дьиэ үрдүнэн тэлибирэччи ыйаммыта.
Ити күн РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Суһал ыҥырыылаах сиэссийэтэ бу былааҕы Арассыыйа национальнай былааҕынан билинэр туһунан уурааҕы ылыммыта. Онтон ыла үрүҥ, халлаан күөҕэ уонна кыһыл дьүһүннээх былаах гиэрбэни уонна гимны кытары Арассыыйа саҥа судаарыстыбатын официальнай судаарыстыбаннай символа буолбута.
Историяттан биллэринэн, үс өҥнөөх былаах аан бастаан 1667 с., Алексей Михайлович ыраахтааҕы саҕана «Орел» диэн нуучча байыаннай хараабылыгар ыйаммыта. Петр I ыраахтааҕы 1705 с. тохсунньу (20) 31 күнүгэр нуучча бары аалларыгар маннык былаахтары ыйыыр туһунан ыйааҕы таһаарбыта. Арассыыйа былааҕар тоҕо, чуолаан, бу үс өҥ талыллыбытын туһунан мөккүөргэ историктар да, учуонайдар да биир тылга кэлэ иликтэр. Ол эрээри, хас биирдии өҥ бэйэтэ туспа суолталаах дииллэр итиэннэ үгүстэр маҥан өҥ ыраас санааны, халлаан күөҕэ – чиэһинэй уонна эрэллээх буолууну, оттон кыһыл – хорсун, эрдээх санааны итиэннэ Аҕа дойду иһин тохтубут хааны көрдөрөрүн этэллэр. Үс өҥнөөх былаах официальнай ыстаатыһы 1896 сыллаахха, Николай II ыраахтааҕы солотугар киирэригэр, ылбыта.
Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн, 1918 с. муус устарга, Яков Свердлов этии киллэриитинэн, бассабыык былааһа уот кыһыл дьүһүннээх былаахтаммыта. Оттон 1991 сыл атырдьах ыйын 22 күнүгэр Арассыыйа дьокутааттара саҥа Арассыыйа былааҕынан нуучча судаарыстыбатыгар үс үйэ устата аргыс буолбут үс өҥнөөх былааҕы билиммиттэрэ.
Бэрэсидьиэн Борис Ельцин 1994 с. атырдьах ыйын 20 күнүгэр таһаарбыт ыйааҕынан, атырдьах ыйын 22 күнэ Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай былааҕын күнүнэн олохтоммута. Итинтэн ыла бу күн сыллата үрдүк таһымҥа бэлиэтэнэр, бүтүн дойду үрдүнэн, хас эрэгийиэн, куорат уонна нэһилиэнньэлээх пууннар ахсын Арассыыйа судаарыстыбаннай символларын суолталарын быһаарар дьаһаллар, патриотическай аахсыйалар, ыччат флешмобтара ыытыллаллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бу дьоһун даататтан туора турбат.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…