Бүгүн — Арассыыйа Конституциятын күнэ
Ахсынньы 12 күнэ – Арассыыйа Федерациятын Конституциятын ылыныллыбыт күнэ.
1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа Федерациятын Конституцията ылыллыбыта. Өссө бэс ыйын 12 күнүгэр 1990 сыллаахха «РСФСР судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация» ылыллыбыта. Докумуоҥҥа саҥа аат — Арассыыйа Федерация уонна Арассыыйа саҥа Конституциятын ылыныы наадатын туһунан этиллибитэ. Онон дойду Тутаах Сокуона норуот бүттүүнүн референдумунан ылыныллыбыта.
Кэлин балаҕан ыйын 19 күнүгэр 1994 сыллаахха РФ Бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Ыйааҕынан бу күн судаарыстыбаннай бырааһынньык быһыытынан бэлиэтэнэр буолбута.
Бу Сокуон уларыйыы-тэлэрийии, былаас икки салаатын утарсыыларын быыһык кэмигэр оҥоһуллан норуот дьүүлүгэр тахсыбыта. Тутаах сокуон киһини, киһи быраабын уонна көҥүлүн үрдүкү сыаннаһынан ылбыта, биир кэлим буолуутун хааччыйыыга, судаарыстыба социальнай мэктиэлэрин кэҥэтиигэ туһуламмыта.
Бэлиэтээн эттэххэ, бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһын түмүгүнэн, 2020 сыл от ыйын 1 күнүгэр РФ Конституциятыгар кэккэ уларытыылар киллэриллибиттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: