Бүгүн — Арассыыйаҕа оҕо тэлэбиидэнньэтэ төрүттэммит күнэ

Share

Бүгүн, тохсунньу 18 күнүгэр, Арассыыйаҕа оҕо тэлэбиидэнньэтэ тэриллибит күнэ бэлиэтэнэр.

Бу күн 1963 сыллаахха ССРС Киин тэлэбиидэнньэтэ оҕолорго анаан сүрүн эрэдээксийэ бырагырааматын тэрийбитэ. 1970-с уонна 1980-с сыллар усталарыгар судаарыстыбаннай араадьыйа уонна тэлэбиидэнньэ күүскэ тэриллэн барбыта. Бу кэмтэн ыла оҕолорго анаммыт иһитиннэрэр ханааллар, ону тэҥэ бырагыраамалар, киинэлэр уонна ойуулуктар ахсаана элбээбитэ. Эдэр көрөөччүлэр күөх экрааҥҥа араас ойуулуктары күүтэр-маныыр буолбуттара.

Баччааҥҥа диэри ахтыллар саамай биллэр оҕолорго аналлаах биэриилэринэн «Ералаш», «В гостях у сказки» уонна «Спокойной ночи, малыши» буоллаллар. Ол курдук, « В гостях у сказки» бырагыраама 1970 сылтан 1990- с сылларга диэри эпииргэ тахсыбыта. Бырагырааманы үөрэх дьылын устата 2 нэдиэлэҕэ биирдэ көрдөрөллөрө. Кэлин 1980-с сыллартан аата уларыйбыта — «В мире сказок и приключений», оттон 90-с сыллартан – «Зазеркалье» буолбута. 1 чаас 45 мүнүүтэ устата оҕолор киинэ-остуоруйа көрөллөрө, киинэни кытта сибээстээх чахчылары кытта билсэллэрэ. Бырагырааманы Валентина Леонтьева, Татьяна Веденеева, Ангелина Вовк уонна Денис Матросов ыыталлара.

Оттон Саха сирин устуоруйатыгар киирэр биир бэлиэ түгэнинэн оҕолорго аналлаах “Тооку” ханаал үлэтин саҕалаабыта. Былырыын Саха сиригэр ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы Креативнай нэдиэлэ чэрчитинэн уонна Оҕо көмүскэлин күнүн көрсө ыам ыйын 31 күнүгэр оҕолорго аналлаах “Тооку” ханаал үлэтин саҕалаабыта. “Тооку” ханаал суукканы эргиччи үлэлиир. Манна Арассыыйа тылбаастаммыт, Саха сиригэр оҥоһуллубут ойуулуктар, иитэр-сайыннарар биэриилэри көрдөрөллөр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыайыы 80 сылынан сэрии бэтэрээннэригэр төлөбүрдэри хайдах оҥорор туһунан быһааран биэрдилэр

СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр төлөбүрдэр тустарынан чуолкайдааһыны оҥордо…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин олохтооҕо экстремизмҥэ ыҥырыы иһин буруйданна

Саха сиригэр эр киһи экстремизмҥэ ыҥырыытын иһин усулуобунай болдьоҕу биэрдилэр. Силиэстийэ быһаарбытынан, эр киһи социальнай…

32 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Иван Бугаев: «Итэҕэллээх буоламмын эрэ тыыннаах сылдьабын»

Бу күннэргэ Кэбээйи улууһун Сиэгэн Күөлүттэн  байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Иван Бугаев ыалдьыттаан ааста. Кини…

47 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Ньургун Боотур» олоҥхо-опера дойду бастыҥ испэктээктэрин испииһэгэр киирдэ

«Золотой фонд театральных постановок России» куонкуруска кыттарга бастыҥ испэктээктэри талыы бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ. Барыта 300…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьахтар урукку кэргэнэ күнүүлээн автомагнитоланы алдьаппыт

ИДьМ 2 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар дьахтар биллибэт эр киһи массыынатын иһигэр автомагнитоланы  алдьаппытын туһунан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Владимир Путин Саха сиригэр историческай сырыытын түмүктэрэ

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сыл бэс ыйын 18 күнүгэр Саха сиригэр сырыыта бэлиэ түгэнинэн…

2 часа ago