Бүгүн — Арассыыйаҕа парламент күнэ

Share

Муус устар 27 күнүгэр Арассыыйа үрдүнэн Парламент күнэ бэлиэтэнэр. Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бэҕэһээ Санкт-Петербург куоракка парламент чилиэннэрин кытары көрүстэ.

Владимир Путин көрсүһүүгэ “Дьоруойдар кэмнэрэ” диэн каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ бырагыраама оҥоһуллубутун этэн туран, байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр туһуламмыт сокуоннар өссө да чопчуланан иһиэхтээхтэрин бэлиэтээтэ.

— Биһиги дьоруойдарбытыгар, бэтэрээннэрбит дьиэ кэргэттэригэр, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар туһуламмыт үгүс сокуон таҕыста. Ол эрээри, бу сокуоннар манан эрэ тохтоон хаалбакка, салгыы да чопчуланан көдьүүстэрэ өссө үрдээн иһиэхтээх, — диэн этэр кини.

Национальнай бырайыактарга сыһыаран, бэрэсидьиэн ылыллар сокуоннар дойду уопсай интэриэһин көрүөхтээхтэрин бэлиэтээтэ.

— Бүддьүөтү онтон да атын инники күөҥҥэ турар сокуоннары ылыныыга былаас бары уоргана биир кэлимник үлэлиирэ наада. Манна парламент дойду уопсай интэриэһин көрөн, бүддьүөттэн көрүллүбүт хас биирдии үбүлээһин көдьүүстээх буолуутугар бэйэтин хонтуруолун ыытара эмиэ наада. Законодателлэр сэбиэттэрэ национальнай бырайыактарга үбүлээһини көрүүгэ бэйэтин этиитин оҥоро сылдьар, маны бырабыыталыстыба харандааска ылыаҕа дии саныыбын, — диэн иһитиннэрдэ.

Быйыл Владимир Путин туһаайан этиитигэр бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын тыырыыга саҥа ньыманы киллэрэр туһунан эппитэ. Манна сыһыаран кини: “Парламент эрэгийиэннэр киллэрэр уопуттарыгар, пилотнай бырайыактарга көхтөөхтүк кыттыаҕа диэн эрэнэбин. Ол иһигэр бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын тыырыыга саҥа киирэр ньыманы көрүүгэ эмиэ. Бу ньыма эһиилгиттэн эрэгийиэннэр таһымнарыгар олоххо киириэхтээх”, — диэн эттэ.

Владимир Путин итини таһынан парламентарийдарга туһаайан дойду иһигэр норуоттар икки ардыларыгар сыһыаны бөҕөргөтүүгэ үлэлэһэргэ эттэ.

— Биһиги дойдубут дьонунан-сэргэтинэн, култууратынан, итэҕэлинэн, үгэһинэн, историятынан олус киэҥ. Бу биһиги барыбыт баайбыт. Арассыыйаҕа олорор хас биирдии омук бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн, толорсон биэрэбит. Бу биһиэхэ күүспүтүгэр күүс, санаабытыгар санаа эбэр. Ол иһигэр тас дойдулары кытары үлэлэһиибитигэр далаһа буолар. Бу барыта дойдубут сайдыытыгар төһүү буолар, — диэн этэр.

Ыспыраапка: Парламент күнэ Арассыыйаҕа 2012 сылтан бэлиэтэнэр. Арассыыйа бастакы парламена Санкт-Петербург куоракка 1906 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр (урукку халандаарынан) үлэтин саҕалаабыт. Бастакы бэрэссэдээтэлинэн Москватааҕы университет профессорын Сергей Муромцевы ааттыыллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Моҕой сыла, мичик гын!

Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

13 часов ago