Бүгүн — Баһылайап күнэ

Share

Тохсунньу ый 14 күнэ – Баһылайап күнэ (Эргэ саҥа сыл).

Саха халандаара кэнники кэмҥэ православнай халандаар бэлиэ күннэрин батыһан оҥоһуллубут. Православнай сибэтиэйдэр күннэрин сахалар күн-дьыл хаамыытыгар, олох-дьаһах тэрээһинигэр сөп түбэһиннэрэн биэрбиттэрэ. Дьиҥинэн, олох былыр сахалар күнү-дьылы атыннык ааҕаллара. Оттон Арассыыйа аан дойду култууратын үгэстэрин батыһан Григориан халандаарыгар көспүтэ. Бу 1918 сыллаахха олунньу 14 күнүгэр буолбута. Ол түмүгэр ураты бырааһынньык үөскээбитэ — Эргэ саҥа сыл.

Билигин Эргэ саҥа сыл бырааһынньыга Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык курдук тэҥник бэлиэтэнэр. Ол курдук, тохсунньу 1 күнүгэр ситэриллибэтэх дьыалалары тохсунньу 14 күнүгэр түмүктүүллэр. Бу күн араас биричиинэнэн Саҥа сылы көрсүбэтэхтэргэ Эргэ сыл бырааһынньыгар бэлиэтииргэ наадалаах.

Баһылайап күнүн билгэтэ

Биһиги өбүгэлэрбит айылҕа күүһүгэр олус итэҕэйэллэрэ, онон үксүлэрэ күн-дьыл туругун көрөн инникини билгэлииллэрэ. Бу күн салгын температуратын, ону таһынан сулустары кэтээн көрөллөрө.

  • Бу күн ханнык кэмҥэ былытырбытынан дьаҥ-дьаһах хаһан буоларын быһаараллар.
  • Көп хаар түстэҕинэ, от өлгөмнүк үүнэр.
  • Былыта суох чаҕылхай күннээх — үүнүүлээх сыл буолара күүтүллэр.
  • Элбэх хаар түстэҕинэ — дьоллоох сыл.
  • Туманнаах күн турдаҕына, үчүгэй бэлиэ — быйаҥнаах сыл үүнэр.
  • Ый суох буоллаҕына, кураан сыл буолар.
What’s your Reaction?
+1
13
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
5

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев дойду 10 саамай көхтөөх баһылыктарын ахсааныгар киирдэ

Ааспыт сыл түмүгүнэн Айсен Николаев федеральнай таһымҥа эрэгийиэннэр ортолоругар 10 саамай көхтөөх баһылыктарын ахсааныгар киирдэ.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Мэҥэ Хаҥалас оройуонун 100 саастаах олохтооҕор 1 мөл. солк. туттардылар

Мэҥэ Хаҥалас оройуонун 100 саастаах олохтооҕор 1 мөлүйүөн солкуобайы туттардылар. Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин олохтооҕо, Аҕа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Дьокуускай маастар-былаанын чэрчитинэн үс оскуола уонна икки оҕо уһуйаана  тутуллара былааннанар

Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэриини тохсунньу 14 күнүгэр, оптуорунньукка, Ил Дархан Айсен Николаев уонна куорат мэрэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Пуховигы сөпкө сууйабыт…

Саха сиригэр билигин аҕыйах кэрэ аҥаар саҕынньах кэтэн сылдьар курдук, дьон үксүн пуховик куурканан кыстыыр.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл 500-тэн итэҕэһэ суох тырааныспары гаас уматыкка көһөрүөхтэрэ

Саха сиригэр 2025 сылга 500 массыынаны гаас уматыкка көһөрүөхтэрэ. Бу туһунан Бырамыысыланнас уонна геология министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр. 2024…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

«Хаҥалас хапсаҕайа» турнирга барыта 6 мөл.солк. оонньонуо

Дьокуускай куорат «Хаҥалас хапсаҕайа» норуоттар икки ардыларынааҕы турниры ыытарга бэлэмнэнэр. Барыллаан турнирга  аҕыс судаарыстыбалар бэрэстэбиитэллэрэ,…

4 часа ago