Бүгүн — Бэтэринээр күнэ!
СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин кэлэктиибэ тыа хаһаайыстыбатын биир тутаах исписэлиистэрин – бэтэринээрдэри идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ.
— Нуучча улуу луохтуура Иван Павлов: «Быраас киһини эмтиир, онтон бэтэринээр – киһи аймаҕы», — диэн этиитигэр, эһиги үлэҕит дириҥ ис хоһооно арыллар.
Бэтэринээр үлэтиттэн дьиэ кыылын эрэ туруга буолбакка, дьон доруобуйата эмиэ улахан тутулуктаах. Сүөһү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр араас ыарыыга ылларан, дьаҥҥа сутуллан дьоҥҥо-сэргэҕэ кутталы таһаарар кыахтаах.
Эһиги эмтиир-сэрэтэр үлэлэри кэмигэр ыытан, лабораторнай чинчийиилэри тэрийэн, сөптөөх дьаһаллары ылынан, сүөһү ыарыыта турбатын, ас-үөл куттала суох буоларын хааччыйаҕыт. Саха сирин тыатын хаһаайыстыбата чэчирии сайдарыгар сүдү кылааты киллэрэҕит. Быйыл Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет территориятыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бэтэринээринэй сулууспа үлэһиттэригэр аналлаах бастакы искибиэр арыллыбыта. Күүстээх үлэ үөһүгэр буһа-хата сылдьар бэтэринээр идэлээхтэр үрдүк ааттарын ааттатыы, кэлэр көлүөнэлэргэ өйдөбүнньүк буолар.
Үлэҕит-хамнаскыт харгыһы билбэккэ санааҕыт хоту салаллан истин, ситиһиигэ дьулуургутунан ылбыт кыаххытын ыһыктыбакка салгыы күүскэ сайдаргытыгар баҕарабыт. Таһаарыылаах үлэни, толору дьолу-соргуну, кытаанах доруобуйаны, кэнэҕэски ыччаккытыгар дьоһуннаах олоҕу!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: