Бүгүн – Бокуруоп күнэ
Бүгүн, алтынньы 14 күнэ — православнай таҥара итэҕэлинэн, Сибэтиэй Боҕоруодусса Бокуруоба. Сахаларга эмиэ ураты күн.
Ол курдук, бүгүҥҥүттэн 220 хонуктаах кыһыҥҥы күн саҕаланар. Муҥха, идэһэни дьаһайыы саҕаланар, кыстыгы көрсөрдүү бэлэм буолаллар.
Бу кэми быыһык кэминэн, дьыл алтыһыытынан ааҕаллар. Онон бүгүҥҥү күнүнэн күнү-дьылы даҕаны билгэлииллэрэ. Ол курдук, өскөтө хотуттан тыалырдаҕына – тымныы кыһыны күүт, соҕурууттан үрдэҕинэ – ичигэс күһүн, арҕааттан – хаар, ичигэс дьыл. Арҕааттан, хотуттан, илинтэн уларыйа сылдьан тыалырдаҕына кыһын уларыйымтыа күннээх-дьыллаах буолар диэн сабаҕалыыллар.
Эргэ тахсыахтарын баҕарар эдэр кыргыттар Бокуруоп күн таҥара дьиэтигэр тиийэн, Боҕоруодусса мөссүөнүгэр үҥэн чүмэчи уурдахтарына, аналларын көрсөллөр үһү диэн этии баар.
Бокуруопка туох бобулларый:
— дьиэҕэ үлэлиир, сууйар-тарыыр, таҥас сууйар;
— ыалдьыты көрсөртөн аккаастанар;
— этиһэр-охсуһар;
— аһыы утаҕы иһэр, элбэҕи аһыыр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: