Аламай күнүнэн күндү доҕоттор! Бүгүн дьыл саҕаламмытынан Тымныы Иччитэ Эһээ Дьыл оҕуһа Муустаах Байҕалтан тахсыбытынан, кыһын кэлбитинэн, кыстыкка киирбиппитинэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Бүгүн алтынньы 14 күнэ — Сэмсэ күн диэн. Олус бэлиэ күн! Бүгүн дьыл налыччы аны саас ыам ыйын 22 күнүгэр диэри 220 хонукка хоноһо буола кэллэ. Дьылы кытта тапталлаах көлөтө Эһээ Дьыл оҕуһа — Тымныы Иччитэ Муустаах Байҕалтан тахсан, Саха сиригэр үктэннэ. Оҕус өссө да муоһа үүнэ илик да буоллар, тыынар тыыныттан, хонноҕуттан-быттыгыттан тымныы аргыйар. Ол иһин халлааммыт тымныйда. Күһүҥҥү кэммит Тимир күһүнүнэн түмүктэннэ. Кыһыммыт кэллэ. Сүөһү хотоҥҥо хонор, бэлэм оту сиир кэмэ саҕаланна.
Кыһын үс түһүмэхтээх:
1. Кырыа кыһын — хаардаах-самыырдаах, ириэһиннээх-тоҥоруулаах, силбиктээх-сиппэрэҥнээх курус кэм.
2. Кыыдаан кыһын — дьыл саамай тымныы кэмэ, Тымныы полюстаах Сахабыт сиригэр -67,8 С, Угаров шкалаатынан -71,8 U диэри бытарҕан тымныы түһэр. Салгын хойдор, үксүгэр саха смога диэн ааттанар туманнанар.
3. Чысхаан кыһын — тыаллаах-куустаах, тибиилээх, тымныы арыый намыраабыт кэмэ.
Дьэ итинник дьикти кэм Саха сиригэр эрэ кэлэр, Бэлиэ Улуу күн үүннэ бүгүн! Ыаллар бу киэһэ алаадьылааҥ, сыалаах эттэ буһарыҥ, көбүөрдэ, күөрчэхтэ ытыйыҥ, саламаатта бэлэмнээҥ. Дьылы, кыһыны көрсөр, кыстыкка киириини бэлиэтиир дьоро киэһэтэ тэрийиҥ!
Итини сэргэ Айыы Таҥараҕа үҥэн, дьылбыт үтүө хараҕынан көрдүн, кыһыммыт сылаас буоллун, дьаҥ-дьаһах дьүгэлийдин диэн көрдөһүҥ!
Күндү доҕоттор! Өссө төгүл Улуу күнүнэн истиҥ эҕэрдэ буоллун!!! Урут бу кэмҥэ тымныы буолар этэ. Күөллэр тоҥоллоро, муус үрдүнэн муҥхаланара. Бастакы идэһэ туттуллара. Билигин ыаллар бэл хаппыысталарын тууһана иликтэр.
Бүгүн Киин куораппытыгар ардаҕа суох кыра тымныы күн буолар диэтилэр. Салгыммыт -2 С
буолар, ити Угаров шкалатынан -6°U тымныы! Сылаастык таҥнабыт. Геомагнитнай хонуубутугар буолар хамсааһын куттала суох. Аҕа куппут аһаҕас, куруук үөрэ-көтө сылдьар, дьоллоох-соргулаах олохтоох дьон буолуоҕуҥ!
Тускуо! Гавриил Угаров