Салгыы
Бүгүн — Бокуруоп күнэ

Бүгүн — Бокуруоп күнэ

Ааптар:
14.10.2022, 07:05
Бөлөххө киир:

 Сахаларга православнай итэҕэли ылыннарыахтарыттан ыла Бокуруоп диэн таҥара баар буолбута. Бу күнтэн, ол аата алтынньы 14 күнүттэн, кыстыгы туоруур отторун-мастарын ааҕынар буолбуттара.

Ол аата, ХIХ үйэ ортотуттан буолуон сөп. Сахалар ол да иннинэ кыстыкка киириини ааҕаллара буолуо да, кэлин бу таҥараҕа түбэһиннэрэр буолбуттара чахчы. Кыһыҥҥы хонук алтынньы 14 күнүттэн ыам ыйын 22 күнүгэр диэри, онно тиийэр оттоох эрэ буоллаххына, сүөһүгүн-аскын күөххэ үктэннэрэҕин. Бу олус эппиэттээх сорук. Ити 220 хонук. Сыыһа суоттааҥҥын итэҕэс оттоон кыстыкка киирдэххинэ, иэдээни оҥостоҕун. Онон, Бокуруоп таҥара сахаҕа былыргыттан олус бэлиэ даҕаны, кэтэһиилээх даҕаны таҥара. Кыра сылдьан Бокуруобу күүтэр да этим. Бу – бастакы идэһэни өлөрөр таҥара. Алтынньы 14 күнүгэр диэри хаар хайаан да түһээччи, эт тоҥор тымныыта буолара. Хаһан баҕарар от кэмчи, онон кыра сүөһүнү өлөрүү Бокуруоптан саҕаланара. Быһах сытыылааһына, уот оттуута кэрэ да буолара. Быыкаайык быһыччаҕынан чохочуну быһан ылан, көмүлүөк оһоххо үтэн сиир минньигэс да буолара. Ол барыта – Бокуруоп. Дьэ, маны этэн эрдэхтэрэ былыргылар: «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» – диэн. Кырдьык, ыарахан от үлэтэ бүтэр, хотон өрөмүөннэнэн сыбанар, эт дэлэй, лэппиэскэ кыраадаҕа анньыллан турар. Былыргы сахаҕа онтон ордук туох наада буолуой? Ол барыта – Бокуруоп күн. Бокуруоптан кыһыҥҥы күн ааҕыллар. Кыһын саҕаланар. Муус өссө да чараас, ол эрээри былыргы ыаллар түннүк мууһун ылаллар. Кыра, эрдэ тоҥмут уулаах күөллэргэ муҥха саҕаланар. Аны киэһэ күһүн уу сойбутун кэннэ уойбут собо миинин иһиэхтэрэ турдаҕа. Булчуттар былыр киис суоҕар тииҥнии бараары саамай тэринэр кэмнэрэ – аттарын тутуу, сыарҕаларын, сааларын-сэптэрин көрүнүү, астарын-таҥастарын бэрийии. Ол түбүк барыта. Бокуруобу кытта ыкса сибээстээх буоллаҕа.

Күн-дьыл билгэтэ:

— Бу ыйга хаар эрдэ түстэҕинэ, саас хаар эрдэ ууллар.

— Көтөҕө кыайан түспэтэҕинэ, көтөҕө кыһын хаар үрдүгэр түһэн, хаар саас эрдэ хараарар, уу кэлбэт.

— Сир тоҥуутугар, сир кырса төһө да муус килиэ буолбутун иһин, сотору халыҥ хаар түстэҕинэ, сир кырса куурар.

— Сир кырса муус буолбутун кэннэ хаар өр түспэтэҕинэ, сылгыга куһаҕан дьыл буолар.

— Бокуруоп иннинэ дьыл киирдэҕинэ, эһиилигэр кураан дьыл буолар.

— Элбэхтик ардаан баран тоҥордоҕуна, сирин силимнээтэ дииллэр. Эһиилигэр өҥ дьылы күүтэллэр.

— Дьүкээбил күүскэ умайдаҕына, тымныы кыһын буолар.

— Алтынньы ыйтан ый уонна үргэл алтыһыыларын кэтииллэр. Үргэл ыйы үрдүнэн аастаҕына, өҥ дьылы күүтэллэр.

Былыргы сахалар дьылы ааҕыылара

Балаҕан ыйын 7 күнүттэн алтынньы 14 күнүгэр диэри – күһүн. Алтынньы 14 күнүттэн ыам ыйын 22-гэр диэри – кыһын. Ыам ыйын 22 күнүттэн бэс ыйын 3 күнүгэр диэри – саас. Бэс ыйын 3 күнүттэн балаҕан ыйын 7-гэр диэри – сайын.

Ирбэт хаар түстэ, кыстыкка үктэннибит, кыһыҥҥы күн саҕаланна. Сайыҥҥы Ньукуолаҕа диэри 220 хонук баар. Бокуруоп күн өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһан, сахалыы арыылаах алаадьынан кыстыкка киирбиппитин бэлиэтиири умнумуох тустаахпыт.

Архыыптан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: