Бүгүн быраас аан дойдутааҕы күнэ
Александра Слепцова – Эдьигээн оройуоннааҕы киин балыыһатын терапевт-бырааһа. Кини М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Мэдиссиинэҕэ институтун 2020 сыллаахха бүтэрэн, дипломун ылаат да, “Тыа сирин эмчитэ ” бырагыраамаҕа кыттыбыта уонна Эдьигээн улууһугар учаастактааҕы бырааһынан үлэлии барбыта.
— Мин Эдьигээҥҥэ тиийбиппэр тута тыһыынча курдук киһилээх учаастакка анаабыттара. Онон, Эдьигээн эрэ дьоно буолбакка, чугас сытар нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторо бары мин эппиэтинэспэр этилэр. Үлэм бастакы күнэ олус элбэх үлэлээҕинэн өйбөр хаалан хаалбыт. Элбэх киһи мэдиссиинискэй өҥөҕө наадыйан кэлбитэ. Кинилэри сарсыардаттан эбиэккэ диэри көрөрүм, онтон эбиэт кэнниттэн ыарыһахтар ыҥырыыларыгар барарбыт. Ыарыһах элбэх буолан, өрөбүлэ суох кэриэтэ үлэлиирбит. Ол гынан баран, үлэни кыайарбыт. Сүрүнэ диэн, бу барыта идэҕэ үчүгэй уопутунан буолбута, — диэн учаастак терапевт-бырааһа Александра Слепцова үлэҕэ бастакы сылларын туһунан кэпсиир.
Кырдьыга да, маннык күүрээннээх үлэ саҥа саҕалыыр быраас үлэ тэтимигэр киирэригэр эрэ буолбакка, бэйэни бэрэбиэркэлэнэригэр кыаҕы биэрбитэ. Тоҕо диэтэххэ, тыа сирин бырааһыгар хас биирдии күн туох эрэ уратылаах.
Александра Слепцова ыарыһахтары балыыһаҕа көрөрүн, ыҥырыыга сылдьарын сэргэ, мэдиссиинискэй көрүүлэргэ, диспансеризацияҕа кыттар, кырдьаҕастарга уонна балыыһаҕа кыайан кэлбэт дьоҥҥо дьиэлэригэр тиийэр.
Маннык усулуобуйаҕа, биллэн турар, сүбэлиир-амалыыр, көмөлөһөр биир идэлээхтэрин өйөбүллэрэ олус туһалаах.
Эдэр быраас Александра Слепцоваҕа оройуоҥҥа тупсаҕай оҥоһуулаах кыбартыыра биэрбиттэрэ. Онон, икки сыллааҕыта “Тыа сирин эмчитэ” бырагырааманан кэлбит эдэр быраас манна үлэлииргэ быһаарыммытыттан кэмсиммэт.
-Бу бырагыраама үчүгэй өрүтэ элбэх. Бастатан туран, харчынан төлөбүрэ эдэр бырааска олус наадалаах. Иккиһинэн, үлэҕэ үөрүйэхтэнэр кыах бэриллэр. Тоҕо диэтэххэ, тыа сиригэр үлэ – эйиэхэ туһаны эрэ аҕалар улахан быраактыка, — диир эдэр быраас Александра Слепцова.
(СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин матырыйаалларынан)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: