Владимир НЕРОЕВ:
– Тулалыыр эйгэбит туһунан иһитиннэрии 80-тан тахса бырыһыанын биһиги харахпыт көмөтүнэн ылабыт. Киһи көрөрө мөлтүүрэ эбэтэр олох да көрбөт буолара бэйэтигэр эрэ буолбакка, кини дьиэ кэргэнигр социальнай содуллардаах. Доруобуйа харыстабылын бүтүн аан дойдутааҕы тэрилтэтин чахчытынан, аан дойдуга 2,2 миллиард киһи көрөрүгэр кыһалҕалаах, 45 мөлүйүөн киһи олох көрбөт. Онуоха бу кыһалҕалар 80 бырыһыаннарыгар харахтарын эрдэ көрдөрбүттэрэ, эмтэммиттэрэ буоллар, ыарыыны сэрэтиэххэ, бопсуохха сөп этэ.
Харах ыарыыларыгар ордук киэҥник тарҕаммытынан миопия буолар. Ырааҕы көрбөттөн Арассыыйа олохтооҕун хас биирдии 3-4 киһитэ эмсэҕэлиир. Манна даҕатан эттэххэ, үөрэнээччи хараҕын ноҕурууската улахан киһи ноҕуруускатын кытта тэҥнэһэр.
Ол гынан баран, үчүгэй сонун эмиэ баар. Урут мөлтөхтүк көрөргө эбэтэр хараҕа суох буоларга тириэрдэр кэккэ ыарыылар билигин ситиһиилээхтик эмтэнэллэр. Ыарыыны быһаарыы уонна эмтээһин аныгы ньымаларын көмөлөрүнэн кэнники уон сылга улахан дьон инбэлииккэ тахсыыта -33 бырыһыан, оҕолор 28 бырыһыан аҕыйаата.
Арассыыйаҕа көрбөтүнэн инбэлииккэ тахсыы төрүөттэригэр инники миэстэҕэ глаукома сылдьар. Арассыыйаҕа 1,3 мөлүйүөнтэн тахса киһи глаукомалаах. Глаукоманы кэмигэр быһаарыы, сөпкө эмтэнии уонна реабилитация эмтэнээччилэр көрөр кыахтарын сүтэрбэттэригэр көмөлөһөр. 40-тэн үөһээ саастаах дьон глаукоманы эрдэ быһаарар туһугар сыл аайы харахтарын баттааһынын бэрэбиэркэлэтиэхтээхтэр.
Харах үчүгэйдик көрөрө – быраас эрэ буолбакка, эмтэнээччи соруга. Харах ыарыыларын эрдэттэн сэрэтэргэ:
— Сөпкө аһыахха, аһылык битэмииннэрдээх уонна микроэлеменнардаах буолуохтаах;
-Харах көрөр ноҕуруускатын кэтээн көрө сылдьыахха (көмпүүтэргэ үлэлииргэ 1,5 чаас буола-буола сынньаныахха, күн аайы харах гимнастикатын оҥоруохха наада);
-Диспансеризацияны ааһыахха, офтальмологка бириэмэтигэр көрдөрүөххэ уонна кини этэр сүбэлэрин туһаныахха.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…