Салгыы
Бүгүн Чурапчыга өйдөбүнньүк күнэ

Бүгүн Чурапчыга өйдөбүнньүк күнэ

Ааптар:
19.09.2023, 11:05
https://t.me/churapchinsky телеграм-ханаалтан.
Бөлөххө киир:

Бүгүн  Чурапчы улууһун бары олохтоохторо, эдэриттэн эмэнигэр тиийэ улаханнык курутуйан туран Чурапчы көһөрүллүүтүн Кэриэстэбил күнүн бэлиэтииллэр.

Алдьархайдаах Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар тапталлаах Чурапчыбыт улууһа ордук улахан охсууну ылыыта күн бүгүҥҥэ диэри — оспот сүрэх бааһа, үйэлэргэ умнуллубат улуу кутурҕан. Оччолорго оройуон 41 колхуоһун 1850 хаһаайыстыбата, 5318 олохтооҕо үс хотугу улуустарга күүс өттүнэн көһөрүллүүгэ барбыттара. Бу дьаһал «Чурапчы алдьархайа» диэн Саха сирин историятыгар биир кэрчиги ылан сылдьар. Оччотооҕу былаас сөбө суох дьаһалынан бу көһөрүүттэн сылтаан элбэх биир дойдулаахтарбыт сырдык тыыннара быстыбыта, быстыыны-ойдууну, кыһалҕалаах олох кыһарҕанын билбитэ.

Биһиги дьоммутун үс хонук иһигэр бириэмэ биэрэн, хас биирдии киһиэхэ 16-лыы эрэ киилэ малы-салы ылалларын модьуйан кими да, тугу да аахсыбакка, оҕолору, дьахталлары барыларын үүрэн кэриэтэ хоту улуустарга көһөрбүттэрэ. Көһөрүүгэ кэлбит дьон хоту сир олохтоохторун кытта балыктааһын, бултааһын үлэтигэр умса түспүттэрэ. Бу сыыһа дьаһалтан сылтаан 2000 тахса киһини сүтэрбиппит, онтон Аҕа дойду сэриитигэр 900 тахса киһи суох буолбута, ону таһынан дойдутугар хаалан өлбүт-сүппүт, атын сиргэ көспүт дьоммут эмиэ бааллар. Сэрии иннинэ биһиги оройуоммутугар 19279 киһи баар эбит буоллаҕына, сэрии бүтүүтэ баара-суоҕа 7434 эрэ киһилээх хаалбыппыт. Сэрии кэнниттэн 46 сыл буолан баран 1988 сылга эрэ ахсааммытын ситиспиппит. Онтон дьэ бу үс сыл кэнниттэн 1944 сыллаахха Саха АССР комиссариатын  кэмитиэти бэрэссэдээтэлэ Илья Егорович Винокуров ходатайство туһэрэн, биһиги дьоммутун төттөрү дойдуларыгар төнүннэрэллэрэ ситиһиллибитэ.
Аҕа дойду сэриитин сылларыгар Чурапчы холкуостарын хоту оройуоннарга күүс өттүнэн көһөрүү тиэмэтэ, этэргэ дылы, хойукка диэри чып кистэлэҥҥэ сылдьыбыта. 1985 сыллаахха Улуу Кыайыы 40 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээһиҥҥэ бу боппуруос аан бастаан көтөҕүллүбүтэ. Онон 1986-1987 сыллартан саҕалаан урукку былаас быһаарыыта сыыһатын туһунан дакаастаһыы саҕаламмыта. 1989 сыллаахха аан бастаан Чурапчы улууһуттан хоту көһөрүү кыттыылаахтарын бастакы кэмпириэнсийэлэрэ ыытыллыбыта. Өр кэмҥэ чып кистэлэҥҥэ тутулла сылдьыбыт урукку былаас дьаһалын сыыһатын дакаастааһыны, көтүттэриини, уопсастыбаннас билиитигэр таһаарыыны турууласпыт дьоммут ааттара Кэриэстэбил күн хайаан да ахтыллыахтаах дии саныыбын. Бу — Чурапчы райкомун сэкирэтээрэ Геннадий Михайлович Сысолятин, райсэбиэт бэрэссэдээтэлэ, сенатор Егор Афанасьевич Борисов, обком сэкирэтээрдэрэ Виктор Петрович Кудрин уонна Павел Михайлович Андреев этилэр. Бастакы Президеммит, оччотооҕуга Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Ефимович Николаев: «Чурапчы алдьархайа — бүтүн саха норуотун трагедията», — диэбитэ. Дьэ, ити эрэ кэнниттэн Чурапчы холкуостарын дьонун хоту күһэйэн көһөрүү дьон-сэргэ билиитигэр тахсыбыта.
Көһөрүллүү кэмин, кыттыылаахтарын үйэтитии үлэтэ тохтообокко бара турар. Чурапчы көһөрүллүүтүн 65 сылыгар (2007 сыллаахха) туолбута. Улуус киинин хабайар ортотугар Таҥара дьиэтэ турар томторугар ийэлээх оҕо мемориал-пааматынньыга туруоруллубута. Бу айымньы ааптарынан Василий Дьячковскай буолар. Ийэлээх оҕо пааматынньыга история ыар, ол эрээри туора сотуллубат трагедиятын көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ мэлдьи саната-өйдөтө туруохтара. Чурапчы улууһун дьаһалтатын өйөбүлүнэн Чурапчы көһөрүүтэ буолбута 80 сылыгар экспедиция тэриллэн, бөлөххө арахсан, Кэбээйи, Эдьигээн, Булуҥ улуустарынан матырыйаал хомуйан, көһөрүллүү кыттыылаахтарын, кинилэр сыдьааннарын кытта көрсөн, биир улахан документальнай киинэ оҥоһуллуута – эрэйи-сору эҥэрдэринэн тэлбит дьоммутугар ытык кэриэстэбил, үйэлээх өйдөбүл бэлиэтэ. Хатылытааҕы Көһөрүллүү түмэлигэр экскурсиялар тиһигин быспакка ыытылла тураллар.
Биһиги, оҕолуун-улаханныын дириҥник өйдүүбүт — Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылаахтарын ааспыт ыар олохторо ханнык да тургутуулары, уустуктары уҥуордаан үтүө санааны, олоххо эрэли илдьэ сылдьыы үтүө холобура буоларын. Ааспыт тыйыс дьыллар тымныы тыыннара үүнэр ыччаппытыгар суоһаабатын!
Чурапчы улууһун бу ыар сүтүгэ хаһан да умнуллубат, хас биирдиибит сүрэҕэр, өйүгэр-санаатыгар өрүү тыыннаах!, — диэн улуус баһылыга Степан Саргыдаев телегамҥа суруйда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: