2014 сыллаахха муус устар 7 күнэ устуоруйаҕа Донбасс Арассыыйаҕа төннүбүт күнүнэн буолар.
Бу күн ДНӨ суверенитетын туһунан Декларация уонна ДНӨ судаарыстыбаннай тутулун биллэрии туһунан акт ылыныллыбытын туһунан иһитиннэриллибитэ.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Саха сирэ уонна Донбасс олохтоохторо бииргэ буолалларын бэлиэтиир. Саха сирин дьоно-сэргэтэ Донбааһы ВСУ уонна Арҕаа дойдулартан көмүскүүллэр. Саха сирэ бырааттыы Донбааска эйэлээх олоҕу чөлүгэр түһэрэргэ көмөлөһөр. ДНӨ баһылыга Денис Пушилин Саха сирин дьоно-сэргэтэ эйэлээх олоҕу олохтуурга көмөлөрүн үрдүктүк сыаналыыр.
Санатан эттэххэ, 2022 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна ДНӨ эргиэн, экэниэмикэ, научнай-тэхиньиичэскэй, социальнай уонна култуурунай эйгэлэргэ бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ.
Сөбүлэһиини олоххо киллэрии иитинэн, ДНӨ Кировскай куоратыгар Саха сирэ 50-тан тахса социальнай инфраструктура эбийиэгин чөлүгэр түһэрдэ. Ол иһигэр, куорат киин балыыһата, икки оскуола, үс уһуйаан, муусука оскуолата, куорат бибилэтиэкэтэ, ититии ситимэ, куорат уулуссаларын уотун-күөһүн ситимэ өрөмүөннэммитэ, тоҕус үөрэх кыһатыгар астыыр-үөллүүр сирдэрэ уотунан хааччыллыбыттара. Кыайыы паарката уонна оҕо спортивнай былаһаакката тупсарыллан оҥоһуллубута. Кировскайга аныгы МФЦ уонна ДНӨ 2 №-дээх оскуолатын баазатыгар ИТ-киинэ арыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэ Сибэтиэй Иоанн Кронштадтскай таҥаратын дьиэтин чөлүгэр түһэрэргэ көмөтүн салгыыр. Саха сирэ Кировскай куораттааҕы балыыһатыгар мэдиссиинэ тэрилин саҥардарга өйөбүлү оҥорбута, саҥа рентген-аппараат ылыллан туруоруллубута. Саха сириттэн харах быраастарын биригээдэтэ Донбасс элбэх олохтооҕор көмөнү оҥордулар.
Билигин Саха сирэ ДНӨ Докучаевскайы кытары сибээһи олохтоото. Бу күннэргэ Ил Дархан Айсен Николаев ДНӨ баһылыгын Денис Пушилины кытары көрүстэ. Кинилэр Докучаевскайга социальнай эбийиэктэри өрөмүөннүүр, чөлүгэр түһэрэр үлэлэр былааннарын дьүүллэстилэр. Докучаевскайга Саха сирин исписэлиистэрэ тиийэн 65 эбийиэги чөлүгэр түһэрии үлэтин саҕалаатылар. Еленовкаҕа элбэх хайысханы толорор саҥа киин арыллыа. Бу олохтоохторго судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөрү оҥорорго табыгастаах буолуоҕа.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…