Бүгүн Дьокуускайга гражданскай пуорум үлэтэ саҕаланна

Share

Кулун тутар 13-14 күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ 12-с гражданскай пуорум ыытыллар.

Бүгүн   гражданскай  пуорум икки күннээх үлэтэ саҕаланна.   Пуорум гражданскай актыбыыстарга  дьоһун суолталаах боппуруостары дьүүллэһэр уонна уопсастыба кыһалҕатын быһаарар суоллары көрдүүр былаһаакканан буолуоҕа.

Быйылгы пуорум  РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйаҕа   Дьиэ кэргэн, Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ  биллэрбит  Оҕо саас сылларыгар ананар.

Пуорум сүрүн соругунан бииргэ үлэлээһин эйгэтин тэрийии буолар. Өрөспүүбүлүкэ куораттарыттан уонна улуустарыттан кэлбит дэлэгээссийэлэр бэрэстэбиитэллэрэ  бэйэлэрин санааларын аһаҕастык тириэрдиэхтэрэ уонна Саха сирин инники сайдыытыгар кылааттарын киллэрсиэхтэрэ.

Бүгүн 4 нүөмэрдээх былаһааккаҕа «От десятилетия детства в России к Году детства в РС (Я)» саҕаланна.  Модератор —  Оҕо саас сылын дириэксийэтин салайааччы Антонина Васильевна Яковлева. Пуорум кыттыылаахтарын СӨ үөрэхтээһиҥҥҥэ уонна наукаҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Петровна Аргунова эҕэрдэлээтэ.

Бырагыраама быһыытынан, икки күн устата  биэс былаһаакка үлэлиир, манна социальнай бырайыактары оҥорорго үөрэтиэхтэрэ, түмүккэ пленарнай мунньах ыытыллыаҕа.

ххх

Руфов Василий Александрович, Уус Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгин Мүрүтээҕи 2-с нүөмэрдээх оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы:

-Улууһум дэлэгэссиийэтигэр  хабыллан кэлбиппиттэн олус үөрэбин. Үөрэх эйгэтиттэн 7 буолан кэллибит.  Иитэр үлэҕэ солбуйааччы буоларым быһыытынан, “Грани патриотизма” диэн сиэксийэҕэ кыттыаҕым.  Мин санаабар, маннык гражданскай пуорум ыытыллара саамай сөптөөх. Ыччаты патриоттуу тыыҥҥа иитиигэ үлэ күүскэ барыан наада. Пуорумтан элбэх саҥаны билэн, үлэбитигэр-хамнаспытыгар туһаныахпыт диэн эрэнэбин.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

10 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

12 часов ago