Саҥа дьыллааҕы харыйа Саха сирин киин куоратыгар ахсынньы 1 күнүгэр Ленин болуоссатыгар умайыаҕа. “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар бэстибээл» чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиҥҥэ Чысхаан тымныы бэлиэтин Тымныы Оҕонньорго туттарыаҕа.
Ону таһынан куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар “Балык уонна балыкчаан туһунан остуоруйа” испэктээктэн быһа тардыыны көрдөрүөхтэрэ. Бэстибээл кыттыылаахтарын СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко эҕэрдэлиэ.
Харыйа уотун уматыыны «Якутия 24» уонна «Саха» НКиХ ханаалларыгар, социальнай ситимнэргэ көрдөрүөхтэрэ.
Харыйаны уматыы сиэрэ-туома Саха сирин бириэмэтинэн 16.00 чаастан саҕаланар. Санатан эттэххэ, “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл сэтинньи 28 күнүттэн ахсынньы 4 күнүгэр диэри ыытылла турар. Быйыл бэстибээл бырагыраамата уларытыллан, сүрүн өттө оҕо аудиториятыгар ананар.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038