Бүгүн — Дьыл оҕуһун иккис муоһа үүннэ

Share

Ахсынньы 21 күнэ – Дьыл оҕуһун иккис муоһа үүнэр.

Бу күнтэн ыла Саха сирин аатырбыт түптэлэс тымныыта түһэр.

Оҕус Муустаах Байҕалтан орто дойдуга таҕыстаҕына тымныы түһэн Дьыл – Кыстык кэмэ саҕаланар буолбут, оттон Байҕалыгар төнүннэҕинэ дьыл бүтэн, илгэлээх итии сайын эргийэр. Ол иһин оҕуһу Дьыл оҕуһа диэн ааттаабыттар. Дьыл Оҕуһа бастаан Байҕалтан тахсарыгар Муоһа өссө да үүнэ илик хомуолай буолар, онтон дьэ муостара сыыйа утуу-субуу үүнэн, орто дойду тымныйан, кыыдааннаах кыһын кэлэр дииллэрэ өбүгэлэрбит.

Тохсунньу 8 күнэ — Оҕус иккис муоһун төбөтө кыланнанар – тымныы муҥутуур.

Тохсунньу 31 күнэ – Оҕус муостарын төбөтүн кылаана кыларыйар – тымныы уоҕа уҕарыйар.

Олунььу 12 күнэ – Эһээ Дьыл оҕуһун бастакы муоһа түһэр – тымныы биллэ намырайар.

Олунньу 24 күнэ – Дьыл Оҕуһун иккис муоһа түһэр – кыһыҥҥы тымныы кэм бүтэр.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев бүддьүөт секторыгар салайааччылары сарбыйар туһунан эттэ

Бүддьүөт секторыгар салайааччылары (управленецтары) салгыы сарбыйыы туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин кэмигэр иһитиннэрдэ.…

37 минут ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Тыа сирин олохтооҕо оҕолору хаар оҥоһуктарынан үөрдэр

53 саастаах Игорь Никулин үйэ чиэппэриттэн ордук Абый оройуонун Абый сэлиэнньэтигэр дьэрэкээн өҥнөөх хаар оҥоһуктары…

1 час ago
  • Маны аах
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 80 сааска диэри үйэлэниигэ сорук туруордулар

2030 сылга саха дьонун орто саастара 80 тэҥнэһиэн наадатын туһунан соругу  Ил Дархан Айсен Николаев…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэлиэхтээҕинэн эрэ олоруу – бүгүҥҥүнү сүтэрии

“Кирэдьииппин төлөөн бүтэрдэхпинэ, массыына атыыластахпына ыал буолуом эбэтэр дьиэбитин-уоппутун тэринэн, харчы мунньунан баран оҕолонуохпут” диэн…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Саха сирин олохтооҕо сөмөлүөккэ пассажиры куруусканан бырахпыт

Пассажирскай сөмөлүөккэ күлүгээннээһин туһунан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Тырааныспар борокуратуурата маннык быһаарыы сокуоннайын билиннэ. Быһылаан ахсынньы…

2 часа ago